Ааспыт сууккаҕа ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын дьуһуурунай чааһыгар өрөспүүбүлүкэ түөрт олохтооҕо үҥсүү киллэрдэ. Кинилэр барыта холбоон 4 307 824 солк. харчыны түөкүттэргэ албыннаппыттар. Ол туһунан ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ол курдук, Дьокуускай куорат 32 саастаах олохтооҕо биллэриинэн саайт нөҥүө квадрокоптер атыылаһаары түөкүттэргэ түбэспит. Кин счетуттан 66 000 солк. тахса харчы уоруллубут.
Киин куорат биир оскуолатын 68 саастаах учууталыгар түөкүттэр кини аатыгар биллибэт дьон кирэдьиит ыла сатыылларын эппиттэрин итэҕэйбит. Инньэ гынан түөкүттэр дьиҥнээхтии кирэдьиит ылларбыттар уонна үбү барытын бэйэлэригэр «куттала суох счекка» ыыттарбыттар. Суумата даҕаны кырата суох – 1 850 000 солк.
Мииринэй 48 саастаах олохтооҕо 91 000 солкуобайыттан маппыт. Дьокуускай куорат олохтооҕун курдук биллэриинэн саайт нөҥүө бассаейн ыла сатаабыт.
Оттон Ленскэй оройуонун 70 саастаах бырааһа 2 350 000 солкуобай иэс ылбыт харчытын сүтэрбит. Кинини эмиэ Дьокуускай куорат олохтооҕун курдук, биллибэт дьон кини аатыгар кирэдьиит ылан эрэллэринэн куттааннар, угаайыларыгар киллэрбиттэр.
Бу быһылааннартан көстөрүнэн, психологтар чинчийиилэринэн, сиэртибэлэр уратыларын көрөбүт. Санатар буоллахха, ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын көҕүлээһининэн СӨ нэһилиэнньэтигэр психологическай көмөнү оҥоруу киинэ чинчийэр үлэни ыытар. Ол түмүгүнэн нэһилиэнньэни сэрэтии үлэтин көдьүүһүн үрдэтии дьаһаллара ылыллыахтара.
Түөкүттэр угаайыларыгар үгүстүк саастаах дьахталлар киирэн биэрэллэрэ бэлиэтэнэр. Бу дьон дойду ыһыллар, улахан экэнэмиичэскэй содуллаах ырыынак сыһаннаһыыта киирэр кэмигэр – инфляция, дефолт, о.д.а кэмнэригэр олорбут дьон буолаллар. Итини таһынан, эмсэҕэлээбиттэр үгүстэрэ бүддьүөт үлэһиттэрэ (үөрэхтээһин, мэдиссиинэ, о.д.а.) «дьиикэй ырыынак» кэлэригэр күөгэйэр күннэригэр сылдьан урут, аан бастаан «МММ» курдук үп түөкүннээһинин билбит «сүрэх баастаах» дьон. Ол иһин ол кэмнээҕи көлүөнэ, туга да суох хаалыахпыт диэн куттанан, албын-көлдьүн дьон угаайытыгар киирэн биэрэр диэн психологтар быһаараллар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…