Саха сирин олохтоохторо “Туруйалар” аахсыйаҕа кытыннылар

Share

Арассыыйа үрдүнэн Красногорскайга “Крокус Сити Холл” комплекска теракт кэмигэр өлбүттэри кэриэстээн, “Туруйалар” аахсыйаны биллэрдилэр. Дьокуускайга кулун тутар 25 күнүгэр, “Туруйалар Ильмень күөл үрдүнэн” мемориал-искибиэргэ өрөспүүбүлүкэ ыччата, устудьуоннар, Эдэр Гвардия чилиэннэрэ сибэкки уурдулар.

“Бу бүтүн дойдуга уонна кини олохтоохторугар улахан алдьархай. Биһиги туора туран хаалбатыбыт, биһиэхэ син биир буолбатаҕын көрдөрдүбүт. Бу уустук түгэҥҥэ бары бииргэ түмсүөхтээхпит, бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхтээхпит, хас биирдии киһи аһыытын үллэстиэхтээхпит. Маны Саха сирин бары ыччата өйдүүр дии саныыбын”, — диэн “Эдэр Гвардия” Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы Максим Колесов бэлиэтээн эттэ.

Аахсыйа иитинэн Дьокуускай куорат киинигэр “Киин” киинэ тыйаатырын экраныгар халлааҥҥа көтөн эрэр маҥан туруйалар уруһуйдарын көрдөрдүлэр. Кыайыы болуоссатыгар теракттан суорума суолламмыттары кэриэстээһин бэлиэтигэр Москва дьоруой-куорат мемориальнай билиитэтигэр сибэкки уураллар, чүмэчи уматаллар. Аахсыйаҕа улуустар кыттыһаллар.

“ССРС норуодунай артыыһа Муслим Магомаев, кини чиэһигэр кэнсиэртиир саала ааттаммыта, “Туруйалар” ырыаны толорооччунан – өлөн баран көтөргө кубулуйбут саллааттар туһунан балладанан киэҥник биллэр. Композиция минорнай, ол эрээри, сүрүн матыыба – өскөтүн биһиги кинилэр тустарынан өйдүү сылдьар буоллахпытына өлбөт-сүппэт үйэлэнэллэр”, — диэн #МЫВМЕСТЕ хамсааһын, Волонтердар ассоциацияларын киинин волонтера Анастасия Брайловская этэр.

Аахсыйаҕа кыттарга кумааҕыттан туруйа оҥорор, көтөрү уруһуйдуур эбэтэр бэйэ барыйаанын оҥорон ону социальнай ситимнэринэн үллэстэр ирдэнэр. Холобур, социальнай ситимнэргэ аватарга туруйа хартыынатын туруоруллар.

Красногорскайга “Крокус Сити Холл” кэнсиэртиир саалаҕа кулун тутар 22 күнүн киэһэ саба түспүттэрэ. Бу 2004 сыллаахха Беслан оскуолатыгар буолбут быһылаан кэнниттэн, Арассыыйа устуоруйатыгар улахан теракт буолар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс- сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

31 минута ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago