Саха сирин олохтоохторо «Улуу Кыайыы пуойаһа» көһө сылдьар мусуой-быыстапканы кытта билсиэхтэрэ

Share

Саха сиригэр «Улуу Кыайыы пуойаһа» көһө сылдьар мусуой-быыстапка кэлиэҕэ.

Пуойас балаҕан ыйын 13-15 күннэригэр Нерюнгри куоракка тохтоон ааһыаҕа.

Экспозиция Нерюнгри куоракка үлэтин кыраапыга:

13.09.2024 – 10.00 чаастан 19.00 чааска диэри, бүтэһик бөлөх 18:20

14.09.2024 – 10.00 чаастан 19.00 чааска диэри, бүтэһик бөлөх 18:20

15.09.2024 – 10.00 чаастан 19.00 чааска диэри, бүтэһик бөлөх 18:20

Аҕа дойду Улуу сэриитин  тиэмэтигэр анаммыт 10 вагон 1941-1945 сыллар ыар түгэннэригэр эбэтэр бэлиэ түгэннэригэр туһуланар. 2023 сыллаахха пуойас-түмэл байыаннай трибуналлары сырдатар саҥа вагонунан эбиллибитэ. Нюрнберг, Токио уонна Хабаровскай сууттарын көмөтүнэн, нацистскай Германия уонна милитаристскай Япония дьиикэй быһыыларын туһунан аан дойду барыта билбитэ. Кыайыы поезтарын быыстапкатыгар интэриэһи уонна бөлөхтөргө анаан аудио-гидтэр ахсааннара аҕыйаҕын учуоттаан, ыалдьыттар экскурсияны iPhone уонна Android-ка баар мобильнай сыһыарыы нөҥүө эмиэ истиэхтэрин сөп. Бырайыак саайтыгар 3D экскурсияны көрүөххэ сөп.

“Кыайыы пуойаһа” мусуой туһунан бырайыак телеграм-ханаалыгар: https://t.me/poyezd_pobedy киирэн билсиҥ.

Бырайыагы “Невский баталист” айар мастарыскыай хамаандата “Кыһыл болуоссат” медиа-бөлөҕү кытта, РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэхтээһин министиэристибэтин, “РЖД” ААУо уонна “Волонтердар” VOD өйөбүллэринэн олоххо  киирбитэ.

Сиһилии бу бырайыак туһунан https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3414208 сигэнэн билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago