Саха сирин оройуоннарынан оттук сезонун хаамыытын бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сирин оройуоннарынан оттук сезонун хаамыытын бэрэбиэркэлээтилэр

Ааптар:
02.01.2025, 14:57
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Быйыл бастакы суһал ыстаап мунньаҕын Дмитрий Садовников ыытта.

Вице-премьер Саха сирин оройуоннарынан оттук сезонун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. «Бүгүн биһиги кэккэ оройуоннарынан баар боппуруостары туоратыыга ылыныллыбыт быһаарыылары иһиттибит. Хомойуох иһин, кинилэр ортолоругар Нерюнгри уонна Ленскэй оройуоннара бааллар.  Таатта улууһугар хочуолунайдары уунан хааччыйыы, Уус Алдан улууһугар чааһынай тэрилтэ хочуолунайы хаалларыытын кыһалҕата бааллар, онно олохтоох дьаһалта хааччыйар тэрилтэни быһаарарга куонкурус ыытарга күһэллэр. Абый улууһугар чоҕунан хааччыйыы боппуруоһа турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ оттук саппааһа хааччылынна», — диэн быһаарда СӨ Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников. Итини кытта техногеннай баһаардары кытта сибээстээх боппуруостары эмиэ көрдүлэр.

Ыстаап мунньаҕын түмүгүнэн Саха сирин судаарыстыбаннай ситэриилээх былааһын уорганнарыгар, олохтоох салайыныы уорганнарыгар, тэрилтэлэр салайааччыларыгар кэккэ сорудахтар бэрилиннилэр. Олор истэригэр бырааһынньыктааҕы сынньалаҥ кэмигэр бары сулууспалар олоҕу- дьаһаҕы хааччыйар эбийиэктэрэ өрүү бэлэм буолууларын, дьуһуурунай сменалар үлэлэрин хонтуруолун ыытыы,  анал оборудованиенан хааччыйыы, нэһилиэнньэҕэ баһаартан куттала суох буолуу ирдэбиллэрин тутуһуу, ону сэргэ айылҕаҕа уонна балыктыы тахсарга куттала суох буолуу ирдэбиллэрин күүһүрдүү. «Биллэн турар, салгын температурата намыһах кэмигэр тэрилтэ үлэтэ күүһүрэригэр быһаччы сабыдыаллыыр, ол гынан баран, сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэр тохтоло суох үлэлииллэригэр хонтуруол өттүгэр үлэни күүһүрдэбит», – диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: