Земскэй учууталлар өрөспүүбүлүкэ куораттарын оскуолаларыттан, атын эрэгийиэннэртэн тыа сирин оскуолаларыгар баран үлэлииллэр.
Үөрэхтээһин, билим министиэристибэтин дааннайынан, 2020-2024 сс. “Земскэй учуутал“ бырагырааманан 89 кубуота олоххо киирбит, бу мантан 45 кубуота Арктика улуустарыгар барбыта.
Билигин 84 киһи оскуолаларга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Кинилэртэн биирдэстэрэ ахсаан учуутала Чайзатмаа Донгак Тыва Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлэн, Томпо улууһун Хаандыгатааҕы орто оскуолаҕа иккис сылын үлэлиир.
“Кэлэктииппит үчүгэй, бу олус элбэҕи быһаарар. Оҕолору кытта ардыгар ыарырҕатан ылабын, ол эрээри оскуола салалтатын, кылаас салайааччыларын кытта боппуруостары барытын быһаара сатыыбыт. Хаандыга бөһүөлэгэр элбэх дьиэ тутулла турар. Бырагыраама үчүгэй, идэҕинэн үлэлиириҥ таһынан атын норуоттар култуураларын, үгэстэрин билэргэр кыах биэрэр”, — диэн санаатын үллэстэр Чайзатмаа Донгак.
Ирина Тыжинова Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Улан-Удэ куоратыттан кэлбит. Нерюнгри оройуонун Серебрянай Бор бөһ. 14 №-дээх орто оскуолатыгар ахсаан, информатика учууталынан үлэлиир.
“Саҥа сиргэ олоро үөрэнэрбэр миэхэ оскуолам салалтата наһаа көмөлөспүтэ. Дириэктэрбит Ольга Радионова олус өйүүр. Саҥа дьыл бырааһынньыктарын кэнниттэн бөһүөлэккэ кэлэн баран, Саха сирин кэрэ айылҕатын ахтыбыппын билбитим. “Земскэй учуутал” бырагыраамаҕа кыттыы учууталлар дьиэлэнэр боппуруостарын быһааралларыгар улахан судаарыстыбаннай өйөбүлү оҥорор”, — диир учуутал Ирина Тыжинова.
Бу сылга куонкуруска талыыга кыайыылаахтарынан Саха сирин, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук, Забайкалье кыраайа, Ростов уобалаһа, Хабаровскай кыраай, Тыва, Алтай, Башкортостан өрөспүүбүлүкэлэрин педагогтара таҕыстылар. 17 учууталы араас улуустарынан тарҕаттылар.
“Земскэй учуутал” федеральнай бырагыраама Арассыыйаҕа 2020 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Сыала-соруга тыа сирин оскуолаларыгар саҥа учууталлары аҕалыы этэ. Бырагыраама усулуобуйатынан 50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх бөһүөлэккэ эбэтэр куоракка үлэлии кэлбит учууталга биирдэ бэриллэр 1 мөл. солк. толуйуу төлөбүр көрүллэр, Уһук Илин федеральнай уокурукка үлэлии кэлээччилэргэ 2 мөл. солк. төлөнөр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…