Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын көҕүлээһиннэрин куонкуруһун түмүгүн таһаарбыттар, кыайыылаах бырайыактары ааттаталаабыттар.
Бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэрэргэ харчынан бириэмийэни дойду 78 субъегыттан 200 төрөппүт кэмитиэтэ ылыаҕа. Ол иһигэр Саха сириттэн – түөрт кэмитиэт. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.
Куонкурус биир кыайыылааҕынан Нам улууһун И.С.Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын төрөппүттэрин холбоһугун көҕүлээһинэ буолар. 2 мөл. солк. диэри категорияҕа харчынан бириэмийэни “Три Д: ДЕЛАЙ ДОБРО ДРУЖНО” бырайыагы олоххо киллэрэллэригэр ылыахтара. Тустаах көҕүлээһин оҕолору кырдьыксыт, амарах, аһыныгас сүрэхтээх, сиэрдээх, эйэҕэс, хардарыта көмөлөсүһэр, аҕа саастаах дьону ытыктыы улаатарга туһаайыллар. Бырайыак иитинэн оҕолор уруһуйунан, муусуканан, театральнай туруоруунан, литэрэтиирэнэн, уус-уран ускуустубунан дьарыктаныахтара.
Чурапчы улууһун Д.Г.Барашков аатынан Бахсы орто оскуолата “Дьиэ кэргэн кыһата” бырайыагын иһин 500 тыһ. солк. диэри суумалаах категорияҕа бириэмийэнэн бэлиэтэннэ. Бырайыак соруга – үүнэр көлүөнэни төрөөбүт дойдутун айылҕатын, култууратын кытта билиһиннэриини таһынан, төрөппүт иллэҥ кэмин оҕотун кытта араарыгар умсугутуу, бириэмэлэрин бииргэ атааралларыгар көмөлөһүү.
Оскуола устуоруйатын, пионерия төрүттэниитин уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир дойдулаахтарын албан ааттарын туһунан матырыйааллардаах “Страницы памяти” интерактивнай түмэли тэрийэригэр 500 тыһ. солк. диэри сууманы Ньурба улууһун Маар орто оскуолата ылыаҕа. Бырайыагы аныгы тиэхиньиичэскэй көрүҥнэри туһанан үлэлэтиэхтэрэ.
Хаҥалас улууһун П.И.Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолата “Олонхо: новое поколение” диэн бырайыагы билиһиннэрбит. Тустаах бырайыак 500 тыһ. солк. диэри категорияҕа бириэмийэнэн бэлиэтэммит. Тустаах көҕүлээһин иитинэн 5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ олоҥхо тиэмэтигэр аныгы кэмҥэ анаан оҥоһуллубут туруорууга кыттыахтара. Маныаха оҕолорго анал идэлээх актердар көмөлөһүөхтэрэ. Ону тэҥэ, оҕолор бэйэлэрин декоратор, костюмер, звукорежиссер оруолугар холонон көрүөхтэрэ.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…
2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…
Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…
Бу күннэргэ Дьокуускайга уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…
Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…