Саха Сирин оскуолаларын выпускниктарын бастакы бэстибээлэ тэрилиннэ

Share

Атырдьах ыйын 24  күнүгэр Нам улууһун киинигэр «Эҥсиэли» култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Саха сирин оскуолаларын 1977-1994 сылларга бүтэрбит выпускниктар бастакы бэстибээлэ буолан ааста.

Бэстибээл киэҥ спортивнай- култуурунай бырагыраамалаах тэрилиннэ диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. Бэстибээл кыттыылаахтарын Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, «Выпускники школ Якутии” ЯРОО бэрэссэдээтэлэ Альберт Соров эҕэрдэлээтилэр. Тэрээһин кэмигэр Альберт Соров уопсастыба көхтөөх выпускниктарыгар РФ сенатора Сахамин Миланович Афанасьев аатыттан Махтал суруктары туттарда.

Араас көлүөнэ дьон Саха сирин улуустарыттан уонна куораттарыттан  Эҥсиэли хочотугар успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэстилэр, култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Саха сирин оскуолаларын 1977-1994 сылларга бүтэрбит выпускниктар көһө сылдьар Куубагын Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччытыгар Афанасий Дьячковскайга туттарда. Выпускниктар бэстибээлэ эһиил, 2025 сылга, Чурапчы улууһугар ыытылларын иһитиннэрдилэр.

Видео: Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
24
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago