Саха сирин отонун саҥа кэрдиискэ таһааран
Күннээҕинэн олорбокко, сүүрэ-көтө, айа-тута сылдьар дьон баар буолааччылар. Вера Лиханованы “Наука +” быыстапкаҕа көрөөт да, оннук санааҕа киирбитим. Ааһан иһэр оҕолору-улахаттары бэйэтигэр тардан ылан, күө-дьаа көрсөр, амтаһытан, ханнык отонтон оҥоһуллубут пастила буоларынан оонньуу ыыта охсор. Онон Вера Петровналыын кэпсэтиибитин пастилаттан саҕалаатыбыт.
“Оҕобор бэйэ аһын аһатар сыалтан”
—2019 сыллаахха кыыспын Вераниканы оҕоломмутум. 8 ыйын туолан, атын аһы сиир кэмэ тиийэн кэлбитэ. Ол саҕана оҕуруоттаахпын, арбузка тиийэ үүннэрэрим. Оҕуруотум аһын кыһыннары хаһаанар ньыманы, ордук арбуһу кыһын оҕобор сиэтэр курдук хайдах харайыахха сөп эбитэ буолла диэн интэриниэккэ сүбэ көрдөөбүтүм. Ол көрдүү сылдьан, дегидратор диэн оборудование баарын булан ылбытым. Боруобалыахха диэн санаа көтөн түспүтэ, дьиэҕэ-уокка туттарга сөптөөх биир кыракый оборудованиены сакаастаабытым. Отонунан пюре оҥорон баран, дегидраторга кутан бытааннык кыра кыраадыска үрдэрэн куурдаҕын. Боруобалаан оҥорбут пастилабын, кыыспар туттаран кэбиспитим. Сөбүлээбитэ. Онтон чугастыы олорор дьоммор, дьүөгэлэрбэр амсатан көрдөрдүм. Ону “бачча үчүгэйи оҥорон баран, саһан олоруоҥ дуо, киэҥ эйгэҕэ таһаар” диэбиттэрэ. Кырдьык даҕаны дии санаабытым, күһүнүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иннигэр “Өрөбүл күн дьаарбаҥката” ыытыллар этэ. Онно элбэх баҕайы пастиланы оҥорон, боруобаҕа атыылыы бардым. Соһуйуом иһин, барыта атыыланан хаалбыта. Саҥа бородууксуйа баар буолбут диэн сэргии түспүттэрэ. Онон кыра оҕону көрөн, үлэлээбэккэ олорор киһи хата манан дьарыктаныыһыбын диэн санааҕа кэлбитим. Ситинник дьаарбаҥкаттан дьаарбаҥканы кэрийэн, сыыйа киэҥ эйгэҕэ тахсан барбытым.
— Бу пастиланы оҕо хас ыйыттан сиирэ көҥүллэнэрий?
— 8 ыйдаах оҕо сиир, саахардара элбэх улахан дьоҥҥо көҥүллэнэр. Тоҕо диэтэххэ, саахары олох куппаппын. Барыта бэйэтин амтана, оҥорорбутугар намыһах кыраадыстаах технологияны туһанар буоламмыт, 97 бырыһыан туох баар битэмиинэ, аһылыгын свойствота барыта чөл хаалар. Арассыыйаҕа туттар технологияларыгар бэйэбит отоннорбутун киллэрэн биэрбитим. Ордук элбэх бириэмэ бэйэм эрэсиэппин булан таһаарарга барбыта. Балтараа сыл иһигэр төһөлөөх элбэх ньыманы араастаан оҥорон көрбүтүм буолуой, дьэ ол кэннэ биирдэ бэйэм киэнэ диэбиппин булан ылбытым. Бастаан дьиэбэр оҥорор этим. Билигин АГАТУ өйөөн, сыах оҥоһун диэн хос биэрбитэ, онно үһүө буолан үлэлии сылдьабыт. Кыараҕаһырҕатан эрэбит, онон киэҥ-куоҥ сир көрдөнө сылдьабын.
— Сылга төһө элбэҕи оҥороҕут?
— Ыйга 6 тыһыынча устуука пастиланы оҥорор кыамталаах оборудованиелаахпыт. Ол иһинэн сайаапканан оҥоробут.
— Отоҥҥутун барытын атыылаһар буоллаххытына, быһа холуйан төһө отон барарый?
Бастатан туран, толлумаҥ диэм этэ. Сорох дьон этэллэр, ол эһиги үөһэттэн бэриллибит, айдарыллыбыт буолан, барыта табыллар диэн.
— Элбэх бөҕө буоллаҕа дии, туоннанан атыылаһабыт.
— Оччоҕо төһө барыстааҕый?
— Отон сыаната ыарахан, ол да буоллар дьон атыыластын диэн кыра сыанаҕа маҕаһыыннарга туттарабыт. Маҕаһыыннар, биллэн турар, бырыһыан эбэллэр. Ону таһынан истиһэн кэлэн ылаллар, дьаарбаҥкаларга куруук атыылаһар дьонноохпут. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, уолаттарга ыытабыт.
— Бастаан саҕалыыргар төһө ыарахан этэй, туох уустуктары көрсүбүккүнүй?
— Урут урбаанынан хаһан да дьарыктамматах киһи ыарырҕаппытым. Бастакы ЕАС (евразийское соответствие) сертификатын Москваттан ылбытым, онто суох хайдах да табыллыбаккын. С, В, В1 битэмииннэргэ хонтуруол оҥоһуллар, билигин сертификаты Дьокуускайга уһаттаран иһэбин. Декларация толоруута, боротокуол, анаалыс оҥорторуу, маҕаһыыннарга киирэн этикетка хайдах буолуохтааҕар тиийэ ыйыталаһыы — барыта ити нөҥүө ааһаҕын. Аны дьоҥҥо тиийэр гына кэпсии үөрэниэхтээххин.
— Саха сирин отонуттан оҥоһуллубут пастила амтана, битэмиинэ уратылаах дииллэр дуу соҕуруу?
— Бары биһиги дойдубут отонун амтана ураты минньигэһин, уоҕа күүстээҕин бэлиэтииллэр.
Иннибэр —аспирантура
— Вера, бу үлэҕин салгыы хайдах сайыннарар былааннааххын?
— Киһи олоҕун устата үөрэнэр диэн сөпкө этэллэр эбит. Мин билигин үһүс үөрэхпэр үөрэнэ сылдьабын. Аан бастаан 1994–1999 сс. ДьГТХА технолог идэтигэр үөрэнэн, оҥорон таһаарыыга 8 сылы быһа үлэлээбитим. Оттон 2008 сыллаахха юридическай үөрэҕи бүтэрэн, Россельхозбааҥҥа кылаабынай экэнэмиискэ тиийэ үүммүтүм. 2017 сылтан кэргэммин Николай Николаевиһы кытта Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгэр бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммиппит, сылгы иитиитинэн дьарыктанабыт. Племенной сылгыны иитэр былааннаахпыт, ол иһин хайдах аһатары, көрөрү, харайары билии хайаан да наада диэн АГАТУ-га селекционер-зоотехник идэҕэ магистратураҕа үөрэнэ сылдьабын. Оттон бу пастилабынан эһиилгиттэн аспирантураҕа барар былааннаахпын.
— Бэйэҥ курдук туох эрэ саҥаны ылсыан баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Бастатан туран, толлумаҥ диэм этэ. Сорох дьон этэллэр, ол эһиги үөһэттэн бэриллибит, айдарыллыбыт буолан, барыта табыллар диэн. Оннук буолбатах, хас биирдии киһи айылҕаттан туох эрэ дьоҕурдаах кэлэр — ким эрэ иистэнэр, уһанар, астыыр… Ол барыта искитигэр баар, ону хостоон таһаарыахха наада, туох баар ыйытыы хоруйа эмиэ искэр баар. Туох эрэ сатамматаҕына, бастаан бэйэҕиттэн ыйыт, тоҕо сатаммата диэн. Ким буруйдааҕын хасыһа барыма, онно батыллаҕын, салгыы барар кыаҕыҥ суох буолар. Барытын ырытан бэйэҕиттэн булан ылан, аныгыскыга оннук түгэҥҥэ түбэспэт курдук дьаһаныахтааххын. Эппиэтинэһи 100% бэйэҕэр ыллаххына, ордук эрэллээх буолар эбиккин. Тоҕо диэтэххэ, эппиэтинэс кэннигэр дьиҥ көҥүл турар. Бэйэҥ кыаххынан сырыт, кыайбаккын билинэр буоллаххына, аккаастыы үөрэн. “Мин итини сатаабаппын” диэн күүстээх санаалаах киһи этэр. Үгүстэр “ким эрэ туох эрэ диэ” диэн, оҥоруом диэн тылларын биэрэн кэбиһэллэр, сатамматаҕына самнан хаалыахтарын сөп.
— Харчыны сатаан туттарга тугунан салайтараҕын?
—“Тойота” хампаанньаны айбыт киһи “биэс тоҕону” туһаныҥ диэн сүбэлиир эбит. Холобур, бэйэбэр баарын үрдүнэн мин саҕынньахха ымсыырдым. Дьэ онно, бу саҕынньах миэхэ туохха нааданый диэнтэн саҕалаан, биэс боппуруоһу бэйэҕэр биэрэн иһэҕин. Бүтэр уһугар, олох да наадата суох эбит диэн хоруйга тиийэн кэлиэххин сөп.
— Вера Петровна, бэйэҥ хантан төрүттээххин?
— Тааттаттан төрүттээхпин, ыал буолбуппут номнуо үйэ чиэппэриттэн таҕыста. Үс оҕолоохпут, улахаммыт Саша 1 курууппалаах инбэлиит, бэйэбитигэр баар, кыра уол Алеша аармыйаттан кэллэ, кыыһым Вераника 6 сааһын туолуохтаах, уһуйаан иитиллээччитэ.
— Ордук тугу гынаргын сөбүлүүгүн?
— Аҕам Петр Егорович ыраах айаҥҥа сылдьар суоппар этэ. Төрдүс кылааһы бүтэрбиппэр, массыынаны ыытарга үөрэппитэ. Эр киһи эбитим буоллар, суоппар буолуом этэ. Ордук соҕотоҕун массыынаны ыытарбын сөбүлүүбүн. Айаннаан иһэн айылҕа кэрэ көстүүтүн көрөн дуоһуйабын, ону кытта санааҥ, толкуйуҥ сааһыланар, холкутуйаҕын.
Хаартыскалар: Вера Лиханова тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: