Салгыы
Саха сирин педагогтарын, преподавателлэрин хамаандата биир идэлээхтэрин олимпиадатыгар  анал аат кыайыылааҕынан буолла

Саха сирин педагогтарын, преподавателлэрин хамаандата биир идэлээхтэрин олимпиадатыгар  анал аат кыайыылааҕынан буолла

11.11.2024, 14:00
Хаартыска: Антонина Пинигина тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 6-7 күннэригэр РАО уонна  Арассыыйатааҕы үөрэхтээһин идэлээх сойуустарын тэрийиилэринэн Арассыыйатааҕы үөрэхтээһин академиятыгар “Педагог – это призвание” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада түмүктүүр түһүмэҕэ буолла.  

Манна Дьокуускайдааҕы В.И. Малышкин аатынан 23 №-дээх орто оскуола, ХИФУ Педагогическай института уонна Оҕо (улаатан эрэр оҕо) киинин хамаандалара «Программа деятельности педагогического класса в условиях социального партнерства «Школа- Д(п)Ц- ВУЗ» тиэмэлэрин ситиһиилээхтик көмүскээтилэр.

Жанна  Садовникова, Арассыыйатааҕы үөрэхтээһин академиятын бэрэсидьиэнин солбуйааччы:

“Быйылгы олимпиадаҕа 400-тэн тахса киһи сайаапка киллэрбитэ, оттон күрэстэһии финалыгар кэтэхтэн түһүмэх лауреата буолбут 30 финалист талыллыбыта. Түмүктүүр түһүмэххэ Дьокуускайтан, Салехардан, Смоленскайтан, Нижневартовскайтан, Тамбовтан,  Ярославльтан уонна Санкт-Петербуртан педагогтар уонна преподаваталлэр кэлэн күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ ким бастыҥын быһаарар олус уустук этэ – кыттааччылар олус интэриэһинэй, наадалаах бырайыактары көрдөрбүттэрэ”.

Саха сирин педагогтарын, преподавателлэрин хамаандата бэйэлэрин биир идэлээхтэрин ортотугар биир бастыҥынан ааттанан, «Признание профессионального сообщества» анал аат кыайыылааҕынан буоллулар.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: