Саха сирин пехотнай полката — Наполеон сэриитин утары

Share

ХХ үйэҕэ диэри Арассыыйа устуоруйатыгар 1812 сыллаах Аҕа дойду сэриитин “Улуу Аҕа дойду сэриитэ” эбэтэр “12 тылынан саҥарар аармыйа саба түһүүтэ” диэн ааттыыр этилэр. Кырдьык, Арассыыйа кыраныыссатын нөҥүөлээбит Наполеон аармыйата французтартан эрэ турбат этэ – Италия, Испания, Австрия, Пруссия, Польша, Швейцария, Рейн сойууһа, Неополитания уо.д.а. Бонапарт эрдэ холбообут дойдулара уонна союзниктара биир сомоҕо буолан сэриигэ кыттыбыттара. Арассыыйа иһигэр олорор норуоттар бу иэдээни утары туох баар күүстэрин-күдэхтэрин мунньан утарыласпыттара. Оннооҕор, империя түгэҕэр кый ыраах сытар Саха сириттэн дойдуну көмүскүүргэ анаан үп хомуура саҕаламмыта, үгүс дьон саа тутан дойдуну көмүскүү аттаммыттара.

Кыайыы 100 сыллаах үбүлүөйэ

1912 сыллаахха Арассыыйа үрдүнэн Аҕа дойду сэриитигэр кыайыы үйэлээх үбүлүө­йүн киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Бу даатаҕа анаан туспа хамыыһыйа тэриллэн, икки сыл бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбыта. Эгэлгэ бэчээт бородууксуйата, ахтыылар, грампластинкалар, ырыанньыктар тахсыбыттара, 400 тыһыынчаттан тахса үбүлүөйдээх мэ­­тээл кутуллубута. Мэтээл биир сирэ­йигэр Александр I ыраах­тааҕы ойууламмыт, иккис сирэйигэр «1812 — СЛАВНЫЙ ГОДЪ — СЕЙ МИНУЛЪ, — НО НЕ ПРОЙДУТЪ — СОДѢЯННЫЕ ВЪ — НЕМЪ ПОДВИГИ — 1912» диэн сурук суруллубут. Бу мэтээли Бородино хонуутугар 1912 сыллаах парадка кыттыбыт саллааттарга, эпи­сиэрдэргэ туттарбыттара.

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр (Бородино хонуутугар кыргыһыы күнэ), Москваҕа, Санкт-Петербурга улахан норуот күүлэйдэрэ ааспыттара, таҥара дьиэлэригэр мэлиэбэннэр ыытыллыбыттара. Бородино хонуутугар Николай II ыраахтааҕы 1812 сыллаах сэрии биэс тыын­наах кыттыылаахтарын, туоһуларын кытта көрсүбүтэ. 1910 сылтан ыла үйэ анараа өттүгэр ааспыт сэрии кыттыылаахтарын көрдөөһүн үлэтэ ыытыллыбыта, ол түмүгэр 25 киһини булбуттар, 110 саастарыттан аҕа саастаах оҕонньоттор. Кэнники чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, бу ытык кырдьаҕастар сорохторун сааһын быһаарыы бэрт саарбах ньыманан ыытыллыбыт. Ол эрэн, биэс киһи кырдьык сэ­­риигэ кыттыбыттара туоһуламмыт. Саамай кырдьаҕастара, Кутузов аармы­йатын фельдфебель чыыннаах саллаата А.И.Винтонюк, ити кэмҥэ 122 сааһын туолбут. Ыраахтааҕы туспа олордуллубут кырдьаҕастарга кэлэн кэпсэппит, илии тутан эҕэрдэлээбит.

Дьокуускайга 1912 сыл атыр­дьах ыйын 26 күнүгэр эмиэ улахан тэрээһиннэр ааспыттар. Күн киириэҕиттэн таҥара дьиэлэригэр “всенощное бдение” таҥараҕа үҥүү саҕаламмыт, сарсыарда Мелетий епископ Аҕа дойду сэрииитигэр охтубут саллааттары ахтар сүҥкэн литургияны ыыппыт. Бу күн куорат сүрүн уулуссатынан олохтоохтор парадтаабыттар, киэһээ уотунан сырдатыллыбыт Крафт искибиэригэр маасабай күүлэй саҕаламмыт. Ол кэмнээҕи хаһыаттар суруйалларынан, “олус тымныы күн туран, күүлэйдээһин эрдэ түмүктэммит”. Бирикээсчиктэр кулууптарыгар “өрө көтөҕүллүүлээх ааҕыылар” тэрээһин буолан ааспыт. Дьону ордук сэҥээрдибит дакылаатынан “1812 сыллаах Аҕа дойду сэ­­риитигэр Саха уобалаһын ­оруола” буолбут.

1812 сыллаах Аҕа дойду сэриитигэр Саха сирин кылаата 

Саха уобалаһын олохтоохторо 1812 сыллаах Аҕа дойду сэ­­риитин кэмигэр оборуона пуондатыгар 67 413 солк. 11 кэппиэйкэ хомуйан сиэртибэлээбиттэрэ биллэр. Ол кэмнээҕи харчынан бу олус улахан үп, дьон төһө даҕаны кыргыһыы хонууларыттан ыраах олордор, Аҕа дойду үрдүнэн куттал сабардаабытын этинэн-хаанынан ылыммыта көстөр.

Санкт-Петербурга тахсар «Северная почта» хаһыат 1812 сыл ахсынньы 4 күнүнээҕи таһаа­рыытыгар маннык суруллубут: «Сахалар Арассыыйаҕа французстар тоҕо ааҥнаан киирбиттэрин истээт даҕаны, дойду атын гражданнарын тэҥэ бэйэлэрин Аҕа дойду бэриниилээх уонна кыһамньылаах оҕолоро буолалларын туоһулаатылар…”

Сэрии буолуон иннинэ, 1811 сыллаахха Арассыыйа империятыгар 40 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олорбута. Наполеон кимэн киириитин маҥнайгы көрсөөччүнэн Барклай-де-Толли 1-кы аармы­йата уонна Багратион 2-с аармыйата буолбуттара – барыта холбоон 153 тыһыынча саллаат. Ону таһынан, сэриигэ бэлэм Тормасов, Чичагов, Штейнгель, Эссен хамаандалыыр күүстэригэр 140 тыһыынча кэриҥэ киһилээх сэбилэниилээх күүстэр кыраныысса атын учаастактарыгар тураллара.

Сэрии устата түөрт рекрутскай хомуур түмүгэр 400 тыһыынча кэриҥэ саҥа саллаат хомул­луон сөбө, ол эрэн, Михаил Кутузов “саҥа саллааттары бэлэмнииргэ иллэҥ кэм суох” диэн быһааран, аттаах сэрииһиттэри эрэ хому­йарга быһаарыныы ылбыта. Ити кэмҥэ хаһаактар чэпчэки кавалерияҕа 117 тыһыынча кэриҥэ үҥүүнү биэрэр кыахтаахтара, сэриигэ итилэртэн 20-25 тыһыынча кыттыбыта.

Саха сиригэр рекрутскай хомуур ыытыллыбатаҕын үрдүнэн, сэриигэ биһиги дойдубутуттан хаһаактар уонна баҕа өттүнэн барааччылар биллэр кыттыыны ылбыттара. Бу туһунан туоһулуур бэрт сиһилии ахтыы докумуону 1968 сыллаахха Бородино байыаннай-историческай мусуо­йун үлэһиттэрэ архыыптан булбуттара.

Саха сирин пехотнай полката – Бородино кыргыһыытыгар

Докумуон – Саха сирин пехотнай полкатын наҕараадалыыр лиис, уһулуччу ситиһиини көрдөрбүт биир дойдулаахтарбыт ханнык түгэҥҥэ наҕараадаҕа тиксибиттэрин туһунан:

“Штабс-капитан Абраменко, Широбоков, Андриевскай, поручиктар, Чарников, прапорщик 2-с Арҕааҥҥы аармыйа главнокомандующайа, үрдүк сололоох кинээс Багратион сорудаҕынан Костриоти кинээс полкатыгар сыһыарыллыбыттар. Кыргыһыы кэмигэр холобура суох хорсун быһыыны көрдөрөн туран өстөөҕү утары охсуспуттара, хаҥас кынакка инники флешь төгүрүйүллэн эрдэҕинэ, өстөөҕү үлтү сынньан куотарга күһэйбиттэрэ. Ити кэнниттэн өстөөх атааката тохтообутун кэнниттэн, генерал-майор Дорохов бирикээһинэн кирасирскай дивизияны бөҕөргөтүүгэ быраҕыллыбыттара, иккистээн өстөөх кавалериятын утары кимэн киирэн самнарбыттара, онно бааһырыы ылбыттара. Широбоков уҥа илиитин картечь эчэппитэ, Андриевский аттыгар түспүт сэнэрээттэн контузяламмыт, оттон Чарников уҥа тоҥолоҕор бааһырыы ылбыт. Ол да буоллар, Саха сирин пехотнай полкатын буойуннара кыргыһыы хонуутуттан тахсыбакка, ким ыстыыгынан, ким буулдьанан өстөөҕү утары салгыы охсуспуттар, элбэҕи кыдыйбыттар, элбэҕи куотарга күһэйбиттэр. Бу Саха сирин пехотнай полкатын эписиэрдэрин “Хорсун быһыытын иһин” диэн сурук­таах көмүс шпаганан наҕараадалыырга”. Бу бирикээскэ улуу полководец Багратион өлөн туораабытын кэнниттэн солбуйбут генерал-лейтенант Коновницын илии бат­таабыт.

Бу дьоруойдартан ураты Саха сирин пехотнай полкатын рядовой буойуннарын ааттара, араспаанньалара Бородино кыргыһыытыгар ураты хорсун быһыыны оҥорбуттар истэригэр ахтыллаллар. Ол курдук, “ Николай Слепцов, Влас Кривошапкин, Иван Сивцев, Василий Березкин, Семен Разниченко, Николай Курочкин, Петр Бабкин, Петр Вензель, Иван Врока Саха сирин пехотнай полкатын рядовойдара хорсун буойун быһыытынан бэйэлэрин көрдөрдүлэр, ытык иэстэрин холобур буолар туйгуннук толордулар. Баҕа санааларынан ытар сааһыттар быһыытынан тылланан сэриилэстилэр, элбэх өстөөҕү картечь уотунан кыдый­дылар, табаарыстарын иннигэр үтүө холобур көрдөрдүлэр, куруутун иннин диэки өстөөх утары дьулустулар. Барыларын үрдүкү хайҕабылга тиксэрэргэ” диэн бирикээс суругар ахтыллыбыттар.

Түмүккэ

Саха сирэ бу улуу туруулаһыы кэнниттэн Арассыыйа ыарахан кэмнэригэр дойду көмүскэлигэр көхтөөх кыттыыны ылбыта. Ол курдук, Крым сэриитигэр Саха сирин пехотнай полката 1853-1856 сылларга 1-кы биригээдэ 17-с пехотнай дивизиятын сас­таабыгар кыттыыны ылбыта. Саха сирин хаһаактара Севастополь куораты осадалаабыт Англия уонна Франция сэриилэрин утары киирсибиттэрэ, биир дойдулаахтарбыт Малахов курган үрдүгэр 349 күн турууласпыттара онно 1887 киһи өлөн, бааһыран туораабыттара. Хорсун быһыыларын иһин Саха сирин пехотнай полкатын түөрт батальона «За Севастополь, 1854—1855 гг.» диэн суруктаах Георгиевскай былаахтарынан наҕараадаламмыттара. Кинилэр хорсун быһыылара Севастополь Бырааттыы көмүллүүтүгэр мемориальнай мэҥэ тааска суруллан турар, бу куорат биир уулуссата Якутская диэн ааты сүгэр.

Бастакы Аан дойду сэриитигэр эмиэ Саха сирин пехотнай полката албан ааты сүкпүтэ, үгүс баҕа санааларынан сэриигэ аттаммыт дьоруойдар хорсун быһыылара үйэлэргэ хаалбыта.

Хаартыскаҕа: Бородино полкатыгар Саха полкатын кыргыспыт сирэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago