Салгыы
Саха сирин полицейскайдара түөкүттэргэ кыттыгастаах киһини туттулар

Саха сирин полицейскайдара түөкүттэргэ кыттыгастаах киһини туттулар

Ааптар:
17.09.2024, 20:35
https://t.me/mumvdyakutskoe
Бөлөххө киир:

Саха сирин полицейскайдара Сочи куоракка төлөпүөн  түөкүттэригэр кыттыгастаах, 35 мөл. солк. үп-харчы тэрилтэлэриттэн  устубут  киһини туттулар.

Ис дьыала министиэристибэтин Ленскэй оройуонунааҕы отделыгар дистанционнай түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит Ленскэй  50 саастаах олохтооҕуттан сайабылыанньа киирбит. Эр киһиэхэ сымыйа баан үлэһитэ эрийэн, уурунуу харчытын сүтэрбэт туһуттан түргэнник баантан ылан, «куттала суох счекка» ыытарыгар сүбэлээбит.  Эмсэҕэлээччи түөкүттэр этиилэринэн  2,3 мөл. солк. ууран биэрбит.

Туһааннаах түбэлтэнэн РФ Холуобунай Кодексын 159 ыстатыйатын 4 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.

Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ туһааннаах дьыаланы үөрэтэн быһаарбыттарынан,   түөкүттэр төлөпүөннэрин  нүөмэрдэриттэн өссө уонча албыннаппыт граждаҥҥа, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Пермскай уобалас, Краснодарскай кыраай уо.д.а. эрэгийиэннэр олохтоохторугар эрийбиттэр эбит.

Саха сирин полицейскайдара Сочи куоракка баар кэллиэгэлэрин кытары бииргэ үлэлээн, төлөпүөн түөкүттэрин биир куомуннаахтарын — баантан харчыны устар киһини, 33 саастаах Москва олохтооҕун билбиттэр. Инньэ гынан Краснодарскай кыраайга Саха сириттэн силиэстийэлиир-суһал бөлөх барбыт. Кинилэр олохтоох  Росгвардия үлэһиттэрин кытта харчы устааччы түөкүнү атыы-эргиэн киинигэр туппуттар.

Барыллааһын быһыытынан биллибитэ, уорбаланааччы атырдьах ыйын саҥата Краснодарскай кыраайга баар  араас үп-харчы тэрилтэлэриттэн 35 мөл. солк. устубут.
Бүгүҥҥү туругунан уорбаланааччы хонтуруоллуур счеттарыгар баар  12 мөл. солк. тахса үбүн бобууга (арестовано) уурдулар.

Чугастааҕы кэмҥэ уорбаланааччыны Саха сиригэр аҕалыахтара диэн Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
21
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: