Саха сирин Постпредствотыгар волонтердары кытары көрүстүлэр
Бу күннэргэ биир дойдулаахтарбыт, 45 волонтер Москваҕа баар Саха сирин Постпредствота тэрийбит Гражданскай актыбыыстар күннэрин тэрээһинигэр кытыннылар. Волонтердар ортолоругар араас идэлээх, саастаах дьон баар, ол эрээри кинилэри биир санаа уонна үтүө дьыаланы оҥорууга дьулуһуу түмэр.
«Биһиги бары эйэлээх, сылаас сыдьаайдаах олоҕу, сырдык уонна үтүө санаа эҥээрдэһиэн баҕарабыт. Биһиги инникитин даҕаны үтүөнү оҥоруохпут, эр дьоммутугар көмөлөһүөхпүт», — диэн эттэ Щепкин аатынан театральнай училище 4-с кууруһун устудьуона Айталыына Яковлева.
«Маннык ыарахан кэмҥэ биһиги дойдубутугар уонна бэйэбит биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр баҕабыт улахан, – диэн бэлиэтээтэ «Саха волонтердара» хамсааһын актыбыыһа Мария Саматой. – Биһиги госпиталларга сытар бааһырбыт байыастарбытыгар дьиэтээҕи аһы астаан илдьэбит, бородууктанан, аһынан-үөлүнэн көмөлөһөр Саха сирин олохтоохторугар махталбын этэбин. Маннык үтүө дьыала байыастарга күүстэригэр күүс эбэр, санаалара көтөҕүллэр, доруобуйалара чөлүгэр түһэр.
Саха сирин байыаннай сулууспалаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр Биир кэлим сүрүннүүр киин салайааччыта Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Андрей Федотов гражданскай актыбыыстарга махтал тылларын эттэ.
Итини таһынан бааһырбыт байыастарга көмөлөһөр актыбыыстары Арассыыйаҕа Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьеваны, «Саха волонтердара» хамсааһын лиидэрэ Туйаара Константинова, о.д.а. эҕэрдэлээтилэр уонна үтүө тыллары этэн махтаналларын биллэрдилэр.
Саамай истиҥ-иһирэх үтүө тылларынан байыастар ийэлэрэ видеонан Арассыыйа араас куораттарыттан Саха сирин волонтердарын бөлөҕүн кураатартардара уонна волонтердар оҥорбут көмөлөрүн иһин эҕэрдэлэрэ буолла.
Санатар буоллахха, «Саха волонтердара» хамсааһын Биир кэлим сүрүннүүр киин баазатыгар 2022 с. алтынньытыгар тэриллибитэ. Үтүө санаа аахсыйатыгар, бородууктаны, аһы-үөлү, хомуйууга 1000-ттан тахса Саха сирин олохтооҕо кытынна, 1 мөл. солк.-тан тахса суумаҕа биирдиилээн дьон үбүнэн көмөлөстүлэр. Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр волонтерскай киин баар, онно дьон мустан сүбэлэһэр, кэпсэтэр, госпиталга барыахтаах малы-салы суортуур, харайар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: