Байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр уйулҕа өттүнэн үлэ киэҥ быһыылаахтык барар. Уйулҕаһыттар көһө сылдьар биригээдэлэрэ байыаннай госпиталларга уонна Уһук Илин уокурук чаастарыгар үлэлииллэр. Командировка биир ый буолар, билигин исписэлиистэр Владивосток уонна Уссурийскай куораттарга үлэлээтилэр, салгыы Сибирцевоҕа уонна Сергеевкаҕа былаанныыллар.
Бу туһунан брифинг кэмигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
Кини мобилизованнайдар уонна хантараагынан барбыттар уопсай психоэмоциональнай көстүүлэрин уйулҕа үлэһиттэрэ үчүгэй диэн этэллэрин – кэпсэтэллэрин, аһаҕастарын, бэйэлэригэр бигэ эрэллээхтэрин, психологическай өйөбүлү эрэйэллэрин бэлиэтиир.
“Уопсайынан эттэххэ, тугу барытын саҥалыы сыаналаан көрөллөр, дьиэ кэргэн, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларынааҕы сыһыаны сыаналыыр буолбуттарын этэллэр. Патриотизм, төрөөбүт дойдуга таптал туһунан этэллэр, уһуйааччы курдук бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр. Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыттар саҥа бараары сылдьааччылары кытта бэйэлэрин уоппуттарын, кэтээн көрүүлэрин үллэстэллэр. Уопсайынан, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын кытта уйулҕа өттүнэн үлэ ирдэнэрин бэлиэтииллэр”, — диэн киин дириэктэрэ Владимир Скрябин ыйар.
Санатан эттэххэ, психолог учуокка туруорбат, психологы кытта үлэ биирдиилээн ыытыллар. Үлэ соруга – байыаннай сулууспалаахтарга хайысхаларынан психологическай өйөбүлү оҥоруу: профессиональнай байыаннай истириэһи, уйулҕаҕа охсууну (травм) суох оҥорор туһугар үлэ, ырытыы, кэлин охсуу хаалларбатын туһугар сэрэтии үлэтин ыытыы.
Чөлүгэр түһэрии хас биирдии кыттааччыга тус-туспа, туруктара бөҕөргүөр диэри арыаллыыллар. Бу кииҥҥэ кимиэхэ даҕаны биллэрбэккэ өйөбүл ылыахха сөп. Байыаннай сулууспалаахтарга бастакы сүһүөх психологическай өйөбүл чат-бота үлэлиир, ону уйулҕа үлэһиттэрин единэй нүөмэрдэриттэн билиэххитин сөп: 8-800-100-35-50.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…