Психологтар пуорумнара
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 12 күнүттэн, СӨ психологтарын «Практическая психология: актуальные вызовы» V пуорумун иитинэн араас тэрээһиннэр саҕаланнылар.
Пуорум сыала эрэгийиэҥҥэ психологическай доруобуйа эйгэтигэр профессиональнай билиини хаҥатыы, ону сэргэ, үлэҕэ үөрүйэҕи атастаһыы буолар. Манна үлэлии сылдьар психологтар, педагог-психологтар, социальнай педагогтар, педагогтар, преподавателлэр, устудьуоннар, аспираннар, төрөппүттэр, уо.д.а. кытталлар. Пуорум түмүгүнэн резолюция ылыныллар.
Сүрүн тэрээһиннэр сэтинньи 21 — 22 күннэригэр СӨ психологическай киин баазатыгар ыытыллаллар. Оттон пуорум иитинэн ыытыллар тэрээһиннэр бу нэдиэлэттэн саҕаланнылар.
Ол курдук, cэтинньи 12-13 күннэригэр «Снятие стресса у психологов» сэминээр ыытыллар. Модератор: Турица Анна Анатольевна, «ФНКЦ реаниматологии и реабилитологии» институт проректора, Москва. Сэтинньи 14 күнүгэр «Оказание экстренной психологической помощи пострадавшему населению в зоне чрезвычайных ситуаций» тиэмэҕэ тренинг-практикум.
Иһитиннэриини манна киирэн көрүөххэ сөп: clck.ru/3EU856. Ону сэргэ, СӨ ыччат дьыалатын министиэристибэтин саайтыгар minmol.sakha.gov.ru уонна ЯРПЦ vk.com/psycentrykt
Кыттыыны ылыан баҕалаахтар 8 (4112) 31-91-09, доб. 209, нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: