Саха сирин саамай улахан оскуолатыгар 1565 оҕо киирдэ

Share

Дьокуускай куорат “Прометей” түөлбэтигэр тутуллубут өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх миэстэлээх оскуола саҥа үөрэх сылыгар үлэтин саҕалыаҕа. Бу туһунан СИА суруйар. 

Бэнидиэнньиккэ куорат дьаһалтатын мунньаҕар эппиттэринэн, быйыл 39 №-дээх оскуолаҕа 1565 оҕо киирдэ, ол иһигэр 292 оҕо – бастакы кылааска. Онуоха үөрэх тэрилтэтин бырайыагын быһыытынан, оскуола уопсай кыамтата 990 үөрэнээччи буолара бэлиэтэнэр.

Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри Ксенофонт Уткин аатынан уулуссаҕа маршрутнай автобустар сырыыларын тэрийэргэ сорудахтаата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анатолий Семенов: “Кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит”

Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл  анараа…

31 минута ago
  • Быһылаан

Саха сиригэр булчуттар сүттүлэр

СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ньурба хорсун байыаһа Андрей Григорьев өстөөх ыскылаатын эстэрбитин туһунан Айсен Николаев интервьюга кэпсээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…

2 часа ago
  • Быһылаан

Кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор киһи өлбүтүнэн борокуратуура бэрэбиэркэтэ саҕаланна

Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Орто Халымаҕа оҕолордоох массыына сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…

3 часа ago
  • Сонуннар

32 саастаах баахта үлэһитэ үгээрдээн өллө

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…

3 часа ago