Саха сирин сайдыытыгар — 93 млрд солкуобай кэриҥэ
Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт 93 млрд солкуобай кэриҥэ уопсай суумалаах 12 сөбүлэҥҥэ илии баттанна.
Ол курдук, «Туполев» ПАО-ны кытта сөбүлэҥҥэ олоҕуран, 2030 сылга диэри 12 Ту-214 көтөр аалы «Якутия» авиахампаанньаҕа анаан атыылаһыахтара. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулуспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Сбербаан Бырабылыанньатын Бэрэссэдэтэлэ Герман Грефтиин баттаспыт сөбүлэҥи биир кэскиллээҕинэн ааҕар. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, балаҕан ыйын саҥатыгар Дьокуускайга дойду үрдүнэн бэһис «Оскуола 21» ИТ-исписэлиистэри бэлэмниир үөрэх кыһата аһыллыаҕа. Манна эдэрдиин-эмэнниин босхо үөрэниэхтэрэ.
Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай тырааныспар лизинговай хампаанньатын уонна «ГЛОНАСС» АУо кытта сөбүлэҥнэри түһэристэ. Саха сиригэр Индия, Кытай, Казахстаан курдук дойдулар улахан болҕомтолорун уурдулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: