Бэҕэһээ, тохсунньу 27 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар байыаннай эпэрээссийэттэн бааһыран эргиллибит саллааты көрүстүлэр.
Кини байыаннай сорудаҕы толоро сылдьан бааһырбыт, онон дойдутугар кэлэн эпэрээссийэлэниэҕэ, салгыы эмтэниэҕэ. Саллаат аата Сергей диэн, кини ааспыт сыл от ыйыгар баҕа өттүнэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарга быһаарыммыт, атырдьах ыйыгар хантараак баттаспыт эбит.
«Байыаннай эпэрээссийэҕэ 2,5 ый кытынным. Осколок кэлэн түһэн, ыараханнык бааһырдым. Антах госпиталга үс ый эмтэммитим. Төрөппүттэрим, аймахтарым кэлэ сылдьыбыттара, биир дойдулаахтарым көмөлөспүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэбит көмө-тирэх буолбута, бородуукта, наадалаах мал-сал кэлэ турара. Онон махталбын этэбин. Билигин сынньаныахпын баҕарабын, салгыы эпэрээссийэлэниэм», — диир саллаат.
Сергейи аэропуорка аймахтара, доҕотторо, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Постников көрүстүлэр.
Андрей Сорокин хаартыскалара.
Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…
РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…
Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…
- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп уонна гаас хампаанньатыгар тус махталын биллэрдэ. Туһааннаах дьаһал…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ тэрийиилэринэн, 2025 с.…