Салгыы
Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааптар:
04.12.2024, 20:15
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ биллэрдик үрдээбит, рекорду олохтообут.

Санатории-России.рф портала 2024 сыл сайыныгар санаторийдарынан сынньалаҥ түмүгүн көрдөрүүлэрин билиһиннэрдэ.

Портал көрдөрөрүнэн, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ санаторийдарынан сынньалаҥы тэрийиигэ алтыс миэстэҕэ тигистэ. Саха сирин санаторийдарыгар 2024 сыл үс ыйын түмүгүнэн 3,9 тыһыынча киһи сынньаммыт, ол эбэтэр урукку сыллааҕар 5% элбээбит, оттон путевка орто сыаната 11,8 тыһыынча солкуобай буолбут.

Уһук Илин санаторийдара быйыл сайын 55 тыһыынча сынньанааччылар көрүстэ. Кинилэр сынньалаҥнарыгар ортотунан 20,2 тыһыынча солкуобайы ороскуоттаабыттар. Уопсайынан, дойду үрдүнэн санаторийдарынан 2,2 мөл. киһи сынньаммыт. Национальнай курорт ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ Евгения Терентьева этэринэн,  2025 сылга сайын туристар санаторийдарынан сынньалаҥнарын былааннаан эрэллэр.

Санатан эттэххэ, Саха сирэ биэс саамай түргэнник туризм сайдар хайысхалаах эригийиэнинэн биллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: