Саха сирин ситиһиилэрин Юрий Трутнев тохсунньутааҕы мунньахха бэлиэтээтэ
Саха сирин ситиһиилэрин туһунан Уүук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев салалтатынан ыытыллыбыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар уонна 2024 сылга инники күөҥҥэ турар соруктары туруорар мунньахха бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны хайысхаҕа лиидэрдэр кэккэлэригэр баар.
Вице-премьер бастатан туран Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэригэр сайдыы баарыгар болҕомтотун уурда.
«Экэнэмиичэскэй сайдыы тирэҕинэн инвестицияны киллэрии, үлэ миэстэтин оҥоруу, тэриллиилэри тутуу буолар. Манна ааспыт сыл түмүгүнэн Амурскай уобалас, Саха сирэ, Хабаровскай кыраай сүрүн хапытаалга инвестицияны туһаныыга лиидэрдэринэн буолаллар», — диэн Трутнев эттэ.
Итиэнэ кини олорор дьиэни тутуу хайысхатынан сайдыы барбытын, бу эрэгийиэҥҥэ дьон олоруон баҕарарын көрдөрөр диэн бэлиэтээтэ. Манна лиидэрдэринэн Приморскай кыраай, Саха сирэ, Хабаровскай кыраай буолаллар.
Мунньахха Саха сирин нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөҥҥэ тийбитин, социальнай инфрастуктура эбийиэктэрин тутууга инвестиционнай былаан саамай киэҥин эттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: