Саха сирин ситиһиилэрин Юрий Трутнев тохсунньутааҕы мунньахха бэлиэтээтэ

Share

Саха сирин ситиһиилэрин туһунан Уүук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев салалтатынан ыытыллыбыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар уонна 2024 сылга инники күөҥҥэ турар соруктары туруорар мунньахха бэлиэтээтилэр.  Өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны хайысхаҕа лиидэрдэр кэккэлэригэр баар.

Вице-премьер бастатан туран Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэригэр сайдыы баарыгар болҕомтотун уурда.

«Экэнэмиичэскэй сайдыы тирэҕинэн инвестицияны киллэрии, үлэ миэстэтин оҥоруу, тэриллиилэри тутуу буолар. Манна ааспыт сыл түмүгүнэн Амурскай уобалас, Саха сирэ, Хабаровскай кыраай сүрүн хапытаалга инвестицияны туһаныыга лиидэрдэринэн буолаллар», — диэн Трутнев эттэ.

Итиэнэ кини олорор дьиэни тутуу хайысхатынан сайдыы барбытын, бу эрэгийиэҥҥэ дьон олоруон баҕарарын көрдөрөр диэн бэлиэтээтэ. Манна лиидэрдэринэн Приморскай кыраай, Саха сирэ, Хабаровскай кыраай буолаллар.

Мунньахха Саха сирин нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөҥҥэ тийбитин,  социальнай инфрастуктура эбийиэктэрин тутууга инвестиционнай былаан саамай киэҥин эттилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago