Саха сирин социальнай хайысхалаах үлэтэ бастыҥынан ааттанна

Share

 “Вместе — ради детей! Вместе в год семьи!” XV Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум Улуу Новгородка түмүктэннэ.   Манна 700 тахса социальнай эйгэ үлэһиттэрэ кытыннылар.

Үс күн устата кинилэр уопут атастастылар. Сүрүн болҕомто байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, оҕолору көрүүгэ-истиигэ ылбыт ыалларга туһуланна.

Саха сирин дэлэгээссийэтэ дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр, “Перспективы” диэн саастарын ситэ илик оҕолор бэрээдэги кэһиилэрин сэрэтигэ туһуламмыт технологиялар тустарынан билиһиннэрдэ.

Пуорум түмүгүнэн кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ маннык номинацияларга кыайыылааҕынан таҕыста уонна билинилиннэ:

“Лидеры форума” пуорум дьыалабыай бырагырааматыгар  ситиһиилээхтик кыттыыларын иһин;

“Семейные ценности — основа крепкого рода” диэн субъект култуураҕа үгэстэрин көрдөрүү иһин;

“Территория возможностей” – дьиэ кэргэн мастарыскыайдарын үлэлэрин көрдөрүү, “Дылачакан” көс аҕа ууһун мастарыскыайын иһин;

“Не оступись” диэн түһүмэххэ Амма улууһун саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэҕэ туттар ньымаларын иһин.

Пуоруму Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ уонна Ыарахан балаһыанньалаах оҕолору өйүүр пуонда Новгородскай уобалас Бырабыыталыстыбатын кытта тэрийдилэр.

Пуорумҥа аһаҕас былаһааккаҕа ырытыстылар, уопут атастастылар уонна бу эйгэ сүрүн исписэлиистэрин кытта көрсүстүлэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

36 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago