Саха сирин соҕуруу өттүгэр энергетика икки бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр уот эйгэтин бырайыактарын туһунан кэпсээтэ.
“Саха сирин соҕуруу өттүн уотунан бигэтик хааччыйыыга икки бөдөҥ эбийиэк тутуллуоҕа: Чульмаҥҥа 330 МВт гааһынан үлэлиир уот ыстаансыйатын уонна хас биирдиитэ 225 МВт кыамталаах Нерюнгритааҕы ГРЭС икки блогун тутуохтара. Уот саҥа эбийиэктэрэ тулалыыр эйгэҕэ уонна дьон олоҕор-дьаһаҕар буортута суох дьайыылаах буолуохтаахтар”, — диэтэ Айсен Николаев.
Ону сэргэ кини Саха сирин соҕуруу өттүгэр производство кыамтатын уонна инфраструктураны кэҥэтии үлэтэ салҕаныа диэн бэлиэтээтэ.
Ол курдук, быйыл Элгэтээҕи таас чохтоох сиргэ 4 байытар баабырыка үлэҕэ киирбит, өссө 7-лии мөл туонна кыамталаах икки баабырыка киириэхтээх.
Балары сэргэ Элгэни Охотскай муора кытылыгар тутуллар пуортаах Чумиканы кытта ситимниир 250 км усталаах Чуумпу акыйааннааҕы тимир суол тутуллубут.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: