Саха сирин соҕуруулуу-арҕаатыгар сир хамсаата
13.10.2024, 14:37
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр, Арассыыйа Наукаларын Академиятын Геофизическэй сулууспатын Саха сиринээҕи филиалын сейсмическэй ыстаансыйаларын ситимэ Саха сирин соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр Рихтер шкалатынан 4,6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбутун бэлиэтээтэ.
Сир хамсааһына Өлүөхүмэ тимир суолун ыстаансыйатыттан хоту диэки 79 км тэйиччи эбэтэр «Нерюнгри Металлик» карьерыттан илин диэки 80 км тэйиччи турар сиргэ буолла.
Бу туһунан СИА-ҕа АНА Геофизическэй сулууспатын Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Сергей Шибаев иһитиннэрдэ.
+1
2
+1
1
+1
+1
+1
6
+1
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: