Салгыы
Саха сирин сорох улуустарыгар күүскэ тыалырыаҕа, хаар түһүөҕэ

Саха сирин сорох улуустарыгар күүскэ тыалырыаҕа, хаар түһүөҕэ

Ааптар:
15.09.2023, 09:00
Андрей Сорокин хаартысктата, СИА.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин сорох улуустарыгар сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэҕэ тиийэ түргэннээх күүстээх тыал, хойуу хаар түһэрэ күүтүллэр диэн ЯУГМС саайтыгар суруйаллар.

Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Кэбээйи уонна Эдьигээн улуустарыгар ардаҕы кытта хойуу хаар түһэрэ күүтүллэр. Өлөөн, Кэбээйи, Эдьигээн, Мииринэй, Ленскэй, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр.

Бу күҥҥэ Анаабырга, Өлөөҥҥө, Өлүөнэ өрүс алын өттүгэр сытар оройуоннарга, Мииринэй оройуонун хоту өттүгэр ардах, инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Киин, соҕуруу уонна хотугулуу-илиҥҥи улуустарга кыратык ардыаҕа, хайалаах сирдэргэ инчэҕэй хаар түһүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
30 апреля
  • -2°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: