“Саха сирин спортсмен оҕолоро” спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта буолла
Дьокуускай куорат “Туймаада” стадионугар “Саха сирин спортсмен оҕолоро” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Бэс ыйын 5-11 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар кыттаары, Саха сирин бары улууһуттан, 32 хамаанданан 1300-тэн тахса спортсмен оҕо муһунна.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эдэр спортсменнары Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
“Быйылгы спартакиада ыытыллыбыт далааһыныттан сөхтүм — улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар 63 тыһ. оҕо кытынна. Манна Саха сирин 1300 бастыҥтан-бастыҥ эдэр спортсменнара бэйэлэрин күүстэрин көрдөрөөрү муһуннулар.
Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит оҕо спордугар өрүү улахан болҕомтону уурара. Бу бэлиитикэ салҕаныаҕа. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев көҕүлээн тэрийбит “Азия оҕолоро” оонньуулара Азия бары континеннарыгар оҕолорго аналлаах улахан күрэхтэһиинэн буолла. Бүгүҥҥү спартакиаданы биһиги сүүмэрдэммит хамаандабыт эһиил Дьокуускайга ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” оонньууларга бэлэмнэнии түһүмэҕин быһыытынан көрөбүн. Уонунан дойду, уонунан эрэгийиэн кыттыаҕа. Бу аан дойду таһымнаах оҕо успуордун бырааһынньыга буоларыгар эрэнэбин! Бары чөмпүйүөн, бары рекордсмен буолбатаргыт да, успуорка, физкултуураҕа, чөл олоххо сыстыаххыт. Саха сиригэр, Модун Арассыыйаҕа эһиги курдук доруобай, өйдөөх, күүстээх дьон наадалар. Ким кыахтаах – ол кыайдын!”, — диэн эттэ.
Үөрэнээччилэр спартакиадалара хас даҕаны сыл тохтуу сылдьан баран Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээн быйылгыттан сөргүтүллүннэ, итиэннэ “Саха сирин спортсмен оҕолоро” (“Спортивные якутяне”) диэн ааттанна. Оҕолор барыта 27 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтээхтэр, ол түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарыллыахтара. Дьокуускайга ыытыллар түмүктүүр түһүмэххэ барыта 9 көрүҥҥэ илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: