Саха сирин спортсменнара “Приморье оҕолоро” кыһыҥҥы оонньууларга кытталлар
Владивостокка “Приморье оҕолоро” (“Дети Приморья”) норуоттар икки ардыларынаҕы иккис оонньуулар олунньу 18 күнүгэр саҕаланнылар.
Саха сирин аатын 28 эдэр спортсмен успуорт 6 көрүҥэр көмүскүөҕэ: хоккей, фиджитал-хоккей, шорт-трек, фигурнай хаҥкылааһын, хайыһарынан сүүрүү уонна хайа хайыһарын успуорда.
“Оҕолор билигин күрэхтэһиилэргэ киирэргэ медиссиинэ көҥүлүн ааһаллар. Сарсын мууска киириэхтэрэ, Кытайы кытта күрэхтэһэргэ”, — диэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Максим Скупой кэпсээтэ.
Оонньууларга успуорт аҕыс көрүҥэр 31 кэмпилиэк наҕараада оонньонуоҕа. Күрэхтэһини ТВ уонна интэриниэтинэн киэҥник көрдөрүөхтэрэ.
“Олус долгуйабыт, ол эрээри бу тургутууну ааһыахпыт”, — диир фигурнай хатааһылааһыҥҥа сүүмэрдэммит хамаанда чилиэнэ Карина Зайцева.
“Приморье оҕолоро” оонньуулары Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев күүскэ өйүүр.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа былаастара оҕо уонна обургу оҕо успуордун киэҥник сайыннарыахтаахтар диэн бэлиэтээбитэ.
Санаттахха, күрэхтэһиилэргэ 1,5 тыһыынчаттан тахса киһи кыттара күүтүллэр, ити иһигэр 1000 спортсмен, 200 судьуйа уонна 300 волонтер. Приморскай кыраай 30 муниципальнай тэриллиитэ, УИФУо субъектарын 9 хамаандата, Донецкай уона Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, КНР, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтэ, КНДР, Узбекистан кытталлар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: