Салгыы
Саха сирин суолларыгар таһаҕаһы тиэйии автоматическай хонтуруола олунньу ыйтан саҕаланыаҕа

Саха сирин суолларыгар таһаҕаһы тиэйии автоматическай хонтуруола олунньу ыйтан саҕаланыаҕа

08.11.2024, 16:30
Хаартыска Саха сирин суолларын салалтатыттан
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта оробуочай хамыыһыйа “Нам” уонна “Умнас” айан суолларыгар икки автоматическай ыйааһын уонна кээмэй хонтуруоллуур пууннарын (АПВГК) үлэҕэ киллэрдэ. Бу туһунан Саха сирин суолларын салалтата иһитиннэрэр.

Бу эбийиэктэри таһаҕаһы тиэйиигэ суол үрдүн ыарахан уйуктаах тырааныспартан харыстыыр ​​сыалтан “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн туруордулар. Билигин таһаҕаһы тиэйиигэ административнай кэһиилэри таһаардахха боротокуолу оҥорорго АПВГК-ны Ространснадзор систиэмэтигэр киллэрэр үлэ барар.

“Олохтоммут нуорма ирдэбилинэн, күн бүгүн оборудование бэрэбиэркэлиир эрэсииминэн үс ый устата, олунньу ыйга диэри үлэлиэҕэ. Оччотугар толору үлэҕэ киллэриэхпит”, — диэтэ Саха сирин суолларын салалтатын хаартыскаҕа-видеоҕа устуу систиэмэтин көрөр-истэр салаатын салайааччыта Альберт Корякин.

АПВГК-лар национальнай бырайыагынан саҥардыллыбыт уонна өрөмүөннэммит учаастактарга бааллар: “Нам” айан суолун 16 км уонна “Умнас” айан суолун 65 км. Систиэмэлэр тырааныспар ыйааһынын уонна кээмэйин эрэ быһаарар буолбакка, массыына нүөмэрдэрин билэр уонна суол быраабылаларын кэһиилэри хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэрэр кыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -14°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 85% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: