Саха сирин суруйааччыларын сойууһа Арассыыйа араас норуоттарын литератураларын бар дьоҥҥо ааҕыллыамтыа оҥорор туһунан этии көтөхтө

Share

Саха сирин суруйааччыларын сойууһа Арассыыйа араас норуоттарын литератураларын бар дьоҥҥо ааҕыллыамтыа оҥорор туһунан этии көтөхпүт. Бу туһугар уус-уран тылбааһы тупсарар, сайыннарар бырагырааманы оҥорон таһаарыы туһунан этиллэр. Маннык этиилээх РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар СӨ суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов этии киллэрбит.

Маны сэргэ, кини Арассыыйа норуоттарын литературнай нэһилиэстибэтэ бар дьоҥҥо чугас уонна маассабай буоларын туһугар кииннэммит кинигэ оҥорон, бэчээттээн таһаарар кыһа тэриллиэхтээҕин туһунан эппит. Маны таһынан Гаврил Андросов Владимир Путин аадырыһыгар  национальнай суруйааччылары өйүүр, кинилэри киэҥ эйгэҕэ таһаарар туһуттан Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэ көрүллүүтүн туһунан этии киллэрбит. Кини быһаарарынан, Арассыыйаҕа литературнай сурунааллар дьылҕалара билигин уустук балаһыанньаҕа  сылдьар. Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайа Саха сиригэр ааспыт сыл ахсынньытыттан үлэлиир. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун этиилэрин, баҕа санааларын барытын салгыы хандьыдаакка тиэрдэллэр.

Бэлиэтээн суруйдахха, Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара бу дьыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолуоҕа. Кииннэммит быыбардыыр хамыыһыйа быыбарга түөрт хандьыдааты кытыннарар. Ол курдук, билигин үлэлии олорор бэрэсидьиэммит Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкий (ЛДПР), Владислав Даванков («Новые люди»).

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago