Саха сирин суруналыыстара наҕараадаланнылар
Сочи куоракка 26-с төгүл ыытыллыбыт «Вся Россия» суруналыыстар пуорумнарыгар Саха сирин дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кытынна. Улуустар уонна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыттан кэлбит 18 суруналыыһы Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева салайан илдьэ сырытта.
Пуорум бырагыраамата киэҥ буолан, суруналыыстар элбэх маастар-кылаастарга, практикумнарга үөрэннилэр, аныгы суруналыыстыка кыһалҕаларын ырытыһар төгүрүк остуолларга кытыннылар. «Саха сирин суруналыыстара» энциклопедия сүрэхтэннэ.
Буоларын курдук, пуорумҥа эрэгийиэннэр дэлэгээссийэлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин, дойдуларын билиһиннэрэллэр. Сахалар төрүт култуураларын билиһиннэрэн, суруналыыстар дэгиттэр талааннаахтарын көрдөрдүлэр. Ол курдук, сахалыы сайбаччы таҥнан кэлэн оһуохайы, тойугу, хомуһу, саха үҥкүүтүн көрдөрдүлэр, арчылааһын сиэрин толордулар, «Якутяночка» ырыа ылланна. Ол түмүгүнэн 71 эрэгийиэнтэн үс бастыҥнар истэригэр киирэн, дипломунан наҕараадаланнылар.
Ону тэҥэ, куонкурус түмүгүнэн, «Якутск вечерний» хаһыат дойду 10 бастыҥ хаһыатынан хаһыс да сылын билинилиннэ. «Вести Верхоянья» хаһыат кэлэктиибэ бастыҥ уочарканы суруйан, бэлиэтэннэ. Кинилэр үрдүк сыанаҕа тахсан, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Владимир Соловьев илиититтэн наҕарааданы туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: