Саха сирин сүрүн бибилэтиэкэтин медиакиинэ иккиһин бастаата
Национальнай бибилэтиэкэ медиакиинэ Бүтүн Арассыыйатааҕы “Библиотеки. ПРОдвижение” куонкуруска иккис сылын субуруччу бастаата.
Арассыыйаҕа Култуура нэһилиэстибэтин сылыгар “Эрэгийиэн култуураҕа нэһилиэстибэтин туһунан бырайыагы өрө таһаарыы” номинацияҕа “Арассыыйа норуоттарын култуураҕа нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт комплекснай бырайыак” диэн бырайыактарынан, бастыҥ хамаанданан Саха сирин сүрүн бибилэтиэкэтин медиакиинэ ааттанна.
“Хамаандабыт чопчу бу бырайыакка кыайара улахан суолталаах, бүтүн сыллааҕы сүрүн үлэбит хайысхатын түмүк көрдөрүүтэ буолар. Бу Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска биһиги хамаандабыт иккис сылын субуруччу кыайара сүҥкэн суолталаах. Былырыын Арассыыйа бибилэтиэкэлэрин бастыҥ пресс-сулууспатынан ааттаммыппыт”, — диэн Национальнай бибилэтиэкэ медиакиинин салайааччыта Галина Кутугутова санаатын үллэстэр.
Куонкурус бибилэтиэкэни киэҥник билиһиннэрэр бастыҥ быраактыканан буолар уонна тарҕатар, бренд оҥорор, медиа эйгэҕэ биллэр-көстөр ааты-суолу уонна көдьүүстээх PR-коммуникацияны олохсутууга туһаайыллар. Тэрээһиҥҥэ кыттааччылар үлэлэрин суолтатынан, хаачыстыбатынан, төһө оруннааҕынан, ирдэнэринэн, аудиторияҕа туһатынан, бибилэтиэкэлэр ирдиир матырыйаалларыгар төһө сөп түһэринэн сыаналаатылар. Бу бибилэтиэкэ эйгэтигэр биир суолталаах уонна улахан куонкуруһунан буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: