Саха сирин талааннаах ыала Новгородовтар
Москваҕа Дьиэ кэргэн сылын аһыллыытыгар Саха сирин аатыттан Новгородовтар дьиэ кэргэттэрэ баран кытыннылар. “Родные-Любимые” пуорумҥа кыттан, “Династии России” куонкуруска “Семейные таланты” номинацияҕа кыайан, бэрэсидьиэн Владимир Путины,
Ил Дархан Айсен Николаевы көрсөн кэллилэр.
Саҥа дьыл өрөбүллэригэр биир сарсыарда эрдэ төлөпүөн тыаһа тырылыы түспүтэ. “Эһигини хамыыһыйа талан, Арассыыйатааҕы пуорумҥа кыттар буоллугут”, – диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн эрийбиттэрэ. Онуоха Дьокуускайга буолар дии санаан, тута сөбүлэспиттэрэ.
Аны сарсыныгар эрийэн, “Сөмөлүөтү бары тулуйаҕыт дуо?” диэбиттэригэр, бэркэ муодарҕаабыттара. “Бэйи эрэ, хоту улууска олороллор дии санаабыттар быһыылаах, биһиги чурапчыларбыт ээ, массыынанан киирэбит”, – дэспиттэр. Онтон, Москваҕа бараллара биллэн, дьэ, биирдэ “бабат!” дэһэ түспүттэрэ.
Бэлэмнэнэргэ икки нэдиэлэ хаалбыт этэ. Дьэ, тиргиллии саҕаланар. Чурапчы улууһун дьаһалтата көмөлөһөргө бэлэмин биллэрэн, сахалыы таҥас тиктэрэллэр. Бэрт кылгас кэм иһигэр “Дьүөгэ” иистэнэр сыахха барыларыгар – 12 киһиэхэ биир истииллээх таҥаһы тигэ охсон биэрбиттэрэ. Урут эмиэ “Дьүөгэлэргэ” тиктэрбит сахалыы таҥастаах этилэр да, араас өҥнөөх буолбакка, бары биир истииллээх таҥастаналлара быдан кэрэтик көстөр буоллаҕа. Онтон министиэристибэ эмиэ биир көрүҥнээх куопталары ылан биэрбитэ.
Бүтүн Саха сирин билиһиннэрэр, саха култууратын, үгэстэрин көрдөрүөхтээх дьон тугу бэлэмниибит диэн толкуйга түспүттэрэ.
Кинилэр А.В. Посельская аатынан Дириҥнээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатыгар Айаал Прокопьевич дириэктэринэн, Валентина Ревовна хореограбынан үлэлииллэр. Иккиэн үҥкүүһүттэр, бальнай, латиноамериканскай, норуодунай үҥкүүлэргэ оҕолору уһуйаллар. Ол эрээри, үҥкүүнү буолбакка, саха фольклорун көрдөрөргө быһаарыммыттара. Тоҕо диэтэр, Арассыыйа таһымыгар норуот култууратын билиһиннэрэр ордук тоҕоостоох, быдан сэргииллэр. Оннук да буолбута.
“Ыра санаабыт туолла!”
– Хаһан да оһуохайдаабатах, хомустаабатах дьон ылсан, аҕыйах күн маастар-кылааска үөрэнэн, бэлэмнэнэ түһээт, бырагыраамабытын көрдөрбүппүт. Эбэбит Валентина Егоровна алгыстаабыта, оҕолор, сиэннэр салама баайбыттара, улахан кыыспыт хомустаабыта, ийэбит оһуохай тылын эппитэ. Түөрт көлүөнэ буолан, кыралыын-улаханныын илии-илиибититтэн ылсан, кэккэлии хотолдьуһан киирэн, оһуохайдаабыппыт. Туох үгэһи толорорбутун быһааран биэрбиппит. Наһаа интэриэһиргээн көрбүттэрэ-истибиттэрэ, түһүлгэбитигэр киирэн оһуохайдаспыттара. Таҥаспытын эргитэ сылдьан көрөллөр, хаартыскаҕа түс да түс буолаллар. Этэргэ дылы, хаартыскаҕа түһэр да сылаалаах эбит. Арассыыйа атын да омуктара бааллара эрээри, таҥастара биһиэнин курдук сиэдэрэй буолбатах.
– Оттон атыттар тугу көрдөрөллөр эбитий?
– Ким туох талааннааҕынан, үгүстэр ыллыыллар-үҥкүүлүүллэр, сорохтор цииркэ нүөмэрдэрин көрдөрөллөр. Киэҥ Арассыыйа бастыҥ дьиэ кэргэттэрэ, учууталлар, быраастар, космонавтар аатырбыт династиялара кэлэн маастар-кылаас бөҕөтүн биэрдилэр, элбэҕи кэпсээтилэр, лиэксийэ аахтылар. Пуорум бырагыраамата сүрдээх киэҥ, онно кыттан, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри солото суох сылдьаҕын.
Бу кэнниттэн НХСБ-ҕа “Арассыыйа” пуорум-быыстапкаҕа Саха сирин павильонугар тиийэн, эмиэ бырагыраамабытын көрдөрбүппүт. Күн аайы бу павильоҥҥа олус элбэх киһи сылдьар эбит, оһуохайбытын-тойукпутун эмиэ олус сэргээбиттэрэ.
Ил Дархан Айсен Николаев быыс булан, анаан көрсө кэлбитэ, олус истиҥник кэпсэппитэ. Императорскай фарфоровай собуот чэй иһэр сервиһин бэлэхтээбитин, бэркэ харыстаан сүгэн-көтөҕөн аҕаллыбыт.
– Бу пуорумҥа саамай өйдөөн хаалбыт түгэҥҥит?
– Биллэн турар, бэрэсидьиэн Владимир Путины кытта көрсүһүү. НХСБ улахан саалатыгар киирэргэ үс төгүл бэрэбиэркэлээбиттэрэ, анаалыс бөҕө ылбыттара. Ийэбит тумуулуу сылдьар буолан, үһүс бэрэбиэркэҕэ ПЦР-анаалыһыҥ куһаҕан диэн, киллэрбэтэхтэрэ.
Биһиги бары киирэн, инники төрдүс эрээккэ олорон, бэрэсидьиэн тыл этэрин көрбүппүт-истибиппит. Аттыбытыгар миниистирдэр, РФ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ олорбуттара. Бу кэнниттэн Лариса Долина, Денис Майданов, Олег Газманов, уо.д.а. кэнсиэртэрин көрбүппүт.
Оҕолорбут Москваны саҥа көрдүлэр. Мин ыра санаалаах этим – дьиэ кэргэнинэн бука бары саҥа дьыллааҕы киэргэммит Кыһыл болуоссакка сылдьыбыт киһи диэн. Бу ыра санаам туолбутуттан олус үөрдүм. Кыра уолбут “наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт” диэн, астыммытын биллэрэр. Оҕолорбут, сахалыы сиэринэн, сэмэйдэр. Киэһэтин быыс булан, аквапааркаҕа, катокка сылдьыбыттара, Москва кэрэ-бэлиэ сирдэринэн оптуобуһунан күүлэйдээбиппит. 3 уонна 1 саастаах сиэннэрбит, хата, бэркэ тулуйан сырыттылар.
Айаммыт ороскуотун, олорорбутун, бэл, аһыырбытын министиэристибэ уйунна. Кэлэрбитигэр миниистир Елена Волкова көрсүбүтэ. Ытыс үрдүгэр сырыттыбыт, олус астынныбыт. Бу сылы быһа элбэх көрсүһүү, барыы-кэлии күүтэр буолуохтаах, онно бэлэммит.
Тоҕо эрэ урут дьиэ кэргэнинэн айаннаабат этибит. Сүөһүлээх, оҕуруоттаах, сайын аайы оттуур-мастыыр буолан буолуо, бука. Биирдэ кыраларбытын кытта Владивостокка бара сылдьыбыппыт. Билигин, дьэ, амтаһыйан, үчүгэйгэ тардыһан, ханна эмит барыах-кэлиэх санаа киирдэ. “Таланты России” куонкуруска кыайбыппытыгар, дьиэ кэргэнинэн дойду устун айаҥҥа путевка биэрбиттэрэ. Ол эрэн, чопчу ханна буолара биллибэт. Бары да ол айаны бүтэйдии эрэнэ кэтэһэбит.
“Биһигини үҥкүү холбообута”
Айааллаах Валя култуура, ускуустуба кэллиэһигэр хореография салаатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ. Саҥа тэриллибит “Өркөн” ансаамбыл бастакы үҥкүүһүттэрэ буолаллар. Көннөрү доҕордоһо сылдьан баран, таптал уота күөдьүйэн, 1996 сыллаахха ыал буолбуттара. Бу кэмҥэ “Өркөннөрү” кытта Голландияҕа гостуруоллаан, “мүөттээх ыйдарын” уратытык атаарбыттарын манньыйа ахталлар.
Урут уол төрөппүттэрэ эмиэ бу культпросветучилищеҕа билсэн, ыал буолбуттар эбит. Төрөппүттэрэ билигин Ытык Күөлгэ олороллор. Айаал аатырбыт “Дружба” ансаамбылга үҥкүүлээбитэ.
Үөрэхтэрин бүтэрэн баран, кыыс дойдутугар, Дириҥҥэ оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үлэ көстөн, онно көһөн тиийбиттэрэ. Утуу-субуу 7 оҕоломмуттара.
“Үҥкүүнү идэ оҥостон, Африкаҕа тиийэ элбэх дойдуга сырыттыбыт, сири-дойдуну көрдүбүт. Үҥкүү биһигини холбообута, онон махтанабыт эрэ”, – диир Айаал Прокопьевич.
Кинилэр билигин да иккиэн үҥкүүлүүллэр, кэнсиэртэргэ, араас тэрээһиннэргэ кытталлар. Дириҥҥэ биир да култуурунай тэрээһин кинилэрэ суох ааспат. Кыыстара латиноамериканскай үҥкүүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттара. “Оҕолорбут улаатан, тарҕаһа иликтэринэ, кэнсиэр туруоруохтаахпыт” диэн санааттан, 2012 сыллаахха дьиэ кэргэнинэн кэнсиэртээн тураллар. Бу кэнсиэртэрэ Дириҥҥэ, Чурапчыга уонна Ытык Күөлгэ ситиһиилээхтик ааспыта.
Новгородовтар куонкурустарга, тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар. Улууска “Бастыҥ дьиэ кэргэн” күрэскэ кыайан, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттыбыттара. Бэрэсидьиэн ыйааҕынан, Новгородовтар “Төрөппүт Албан аата” уордьанынан, “Ийэ Албан аата”, “СӨ дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр кылааттарын иһин” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыттара.
Айаал Прокопьевич ыытааччы, тамада быһыытынан эмиэ биллэр. Чурапчыга эрэ буолбакка, Тааттаҕа, Томпоҕо ыҥыран, сыбаайбаларын, үбүлүөйдэрин ыыттараллар.
Оҕолору кэрэ эйгэтигэр уһуйуу
Оттон төһөлөөх элбэх оҕону кэрэҕэ, сырдыкка уһуйбуттара буолуой?
Дириҥнээҕи оҕо ускуустубатын киинигэр билигин 130 оҕо үөрэнэр. Орто оскуола 200-чэ оҕолоох буоллаҕына, үгүстэрэ ускуустуба оскуолатыгар кэрэҕэ уһуйуллаллар эбит. Фортепиано, баян, вокал, уруһуй, үҥкүү кылаастара бааллар. Оҕо ахсаанын элбэтэр туһуттан, Хадаарга, Одьулууҥҥа, Чыаппараҕа эбии кылаастары аһан үлэлэтэллэр. Бу кылаастарга анал үөрэхтээх учууталлар ырыаҕа, үҥкүүгэ, уруһуйга үөрэтэллэр.
– Билиҥҥи кэмҥэ тыа сиригэр байаан, фортепиано учууталлара дэписсиит буолан тураллар. Онон бэйэбит иитэн-такайан таһаарбыт оҕолорбутун үөрэттэрэн баран, эргиллэн кэлэн үлэлииллэрин ситиһэр соруктаахпыт. Биир баянист уолбут муусука училищетын бүтэрэн баран, АГИКИ-га үөрэнэ киирдэ, кинини эрэнэ кэтэһэбит, – диир Айаал Прокопьевич. Кини 14-с сылын оҕо ускуустубатын оскуолатын салайар.
2021 сыллаахха инбэлиит уолу бальнай үҥкүүгэ уһуйан, Бүтүн Арассыыйатааҕы инклюзивнай куонкуруска миэстэлэспиттэрэ элбэҕи этэр.
Биллэн турар, бэйэлэрин оҕолоро эмиэ ускуустуба оскуолатыгар дьарыктаммыттара. Идэ оҥостубаталлар да, оҕо уопсай сайдыытыгар ускуустуба улахан суолталааҕын төрөппүттэрэ бэлиэтииллэр. “Хайаан да мусукаан, үҥкүүһүт буолуохтааххын” диэн күһэйбэттэр.
“Элбэх оҕолонуохпутун баҕарар этибит”
Улахан дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааппыттара. Билигин төрөппүттэрин кытта икки кыралара бааллар. Улахаттара үөрэнэллэр, үлэлииллэр, атын сиргэ олороллор. Иккис кыыстара кэргэннээх, икки оҕолоох.
Ийэлэрэ күннээҕи эрэсиими кытаанахтык тутуһуннарара. Дьиэ үлэтин үллэстэн толоруу, уруок ааҕыы, киэһэ 9 чааска утуйуу – халбаҥнаабат быраабыла. Оҕолор бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэ, иннилэрин солоно үөрэнэллэрин ситиһэллэр. Төрөппүттэрэ киэһэ кэнсиэртээн хойутаатахтарына, оҕолор кэтэһэн олорботтор, бэйэлэрэ астанан аһыыллар, дьиэ үлэтин толороот, эрдэ утуйаллар. Өрөбүллэргэ бары саба түһэн, бэрэски, бэлимиэн оҥорон, хаһаанан кэбиһэллэр.
– Оҕолорбут улаханнык мөҕүллэр курдук буруйу да оҥорботтор ээ. Алҕаһы, буруйу оҥордохторуна да, сэмэлиибит, сыыһаларын өйдөтөбүт. “Олоххутун бэйэҕит оҥостоҕут” диэн эппиэтинэһи ылыналларыгар, харчыны сатаан тутта үөрэнэллэригэр такайабыт.
Оҕолор кыраларыгар аҕабыт көрсөр, көмөлөһөр буолан, олус ыарырҕаппат этим. Көрсөр киһи баарыгар, айылҕа биэрбитинэн, доруобуйа кыайарынан, төрүүр буоллаҕым дии. Мин бэйэм 14 сааспар диэри соҕотох улааппыт, балтылаах-бырааттаах оҕолорго ымсыырар буоламмын, эдэр эрдэхпиттэн элбэх оҕолонуохпун баҕарарым, – диэн ийэлэрэ кэпсиир.
– Санаабар, оҕолорбут наһаа түргэнник улааттылар. Кыраларыгар: “Оҕолорбут улааттахтарына, кэрийэ сылдьан олоруохпут”, – диир этибит. 90-с сылларга эдэр ыалга син ыарахан этэ да, дьоммут чугас олорон көмөлөһөр, сүөһүлээх-астаах уонна иккиэн үлэлиир буолан, ыарырҕаппатахпыт, – диир аҕалара.
Новгородовтар ыһыахха, Саҥа дьылга, Кыайыы күнүгэр тиэргэннэрин киэргэтэр үгэстээхтэр. Биир дойдулаахтара анаан кэлэн көрөллөр. Кэнники сүөһүлэрин эспиттэрин да иһин, сылгы үөрдээх буолан, сайынын оттууллар, оҕолорун үлэнэн иитэллэр.
Дьиэ ылалларыгар Ийэ хапытаалын (оччолорго 250 тыһ. солк. этэ) туһаммыттара, 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллары дьиэлиир бырагырааманан куоракка кыбартыыра ылбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: