Саха сирин тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыы зонатыгар тиэхиньикэ ыыттылар
Бэс ыйын 13 күнүгэр Дьокуускайга тиэхиньикэни туттарыы тэрэһинэ буолан ааста.
Биэс тырааныспар күлүүһүн тэрилтэ салайааччылара Дьокуускайдаҕы биир кэлим координационнай киин суһал ыстаабын салайааччытыгар, Донбасска уонна Хотугулуу-Илиҥҥи көмө оҥоруу пуондатын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Георгий Куркутовка туттардылар. Томпо улууһун дьаһалтата икки «УАЗ Патриот» массыына, «Ростелеком» хампаанньа бронялаах «УАЗ» массыына, Кэбээйи улууһа «Газель» массыына уонна СӨ Борокуратуурата квадроцикл туттардылар.
Георгий Куркутов Саха сирин биир кэлим координационнай киинин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Федотов аатыттан тэрилтэ кэлэктииптэригэр махталын тиэртэ.
«СӨ биир кэлим координационнай киинин үлэтин- хамнаһын чэрчитинэн Саха сирин байыастарын тиэхиньикэнэн уонна оборудованиенан хааччыыйыыга эбии көмө оҥоһуллара салҕанар. Тиэхиньикэ сотору кэминэн биһиги байыастарбытыгар анал байыаннай дьайыы хонуутугар тиэрдиллиэҕэ. Байыаннай соруктарын быһааралларыгар көмө буолуоҕа. Кыайыыны ситиһиэхпит!», — диэтэ Георгий Куркутов.
«Ростелеком» хампаанньа филиалын дириэктэрэ Константин Войтеховскай байыастарга бронированнай тиэхиньикэ бэлэмнэммитин бэлиэтээтэ.
Сиһилии манна аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: