«Саха сирин тимир суоллара» пассажирдары уонна таһаҕаһы таһыыга үрдүк көрдөрүүлээхтэр

Share

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылга Саха сирин сүрүн тэрилтэлэрин үп-харчы-хаһаайыстыбаннай үлэ түмүктэрин уонна 2025 сылга инники былааннарын дьүүллэһэр мунньаҕы ахсынньы 9 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ, «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаттан саҕалаата.

Айсен Николав тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохиҥҥа тэрилтэ үрдүк көрдөрүүлэринэн, пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйиигэ үчүгэй түмүктэрин ыйан туран кэлэктиипкэ махтанна.

«2024 сыл түмүгүнэн хампаанньа 421 тыһыынча пассажиры таһыаҕа, ити ааспыт сыл көрдөрүүтүн 8,3% куоһарар. Таһаҕаһы тиэйиигэ эмиэ үрдүк көрдөрүүлэхтэр — 8,5 мөл. туонна таһаҕаһы тиэйии күүтүллэр, ол эбэтэр 2023 сыл таһымыттан 107%-на буолар», — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин өйөбүлүгэр, ону тэҥэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ тэрилтэ кыттарын бэлиэтээтэ. Быйыл хампаанньа Алдан оройуонугар үс олорор дьиэ тутуутун түмүктээбит.

Ааһан эрэр сыл сүрүн ситиһиитинэн Москва уобалаһын Чеховскай оройуонугар Столбовой терминал станцияттан Саха сиригэр Аллараа Бэстээххэ уонна Алдаҥҥа диэри таһаҕаһы тиэйии кыах үөскээбитэ. Айсен Николаев чугастааҕы сылларга биир сүрүн соругунан «Джалинда – Мохэ» инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэрии буоларын бэлиэтээтэ.

««Джалинда – Мохэ»  — инвестиционнай бырайыагы хайаан да олоххо киллэриэхтээхпит. Ол көмөтүнэн хоту Кытайга чоҕу, атын бородууксуйаны тиэйиигэ бэйэбит маршруттаныахпыт. Хамсааһыны биир эрэ өттүгэр буолбакка, төттөрү тиэйиини оҥорор эмиэ улахан суолталаах», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ салайааччыта.

Ону сэргэ мунньах түмүгүнэн Ил Дархан сорудаҕынан «Аллараа Бэстээх – Хандыга» учаастагар «Аллараа Бэстээх-Магадан» саҥа тимир суол лииньийэтин тутуу бастакы түһүмэҕин тиэхиниичэскэй-экэнэмиичэскэй докумуонун ырытан оҥоруута буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

6 часов ago