Бу күннэргэ, от ыйын 27-28 күннэригэр, Златоуст куоракка VII Бүтүн Арассыыйатааҕы саа-саадах киэргэтиитин көрүүгэ Бушуев аатынан бэстибээл буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ Бүлүүттэн төрүттээх тимир уустара Николай Степанов уонна Дьулустаан Марков кытыннылар. Саха маастардара бэстибээл кыттыылаахтарыгар былыргы тимири уһаарыы ньыматын көрдөрдүлэр. Бу туһунан «Симэх» киин пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
Тимир уһаарыытын билиһиннэриигэ бэстибээлгэ анаан тимир уустара Бүлүү өрүстэн 20 киилэ ыйааһыннаах тааһы илдьэ кэлбиттэр. Ол түмүгэр 6,3 киилэ ыйааһыннаах тимир болгуо уһаарыллыбыт. Саха сирин уустара былыргылыы тимир уһаарыытын сөргүтүү утумнаахтык ыытылларын көрдөрдүлэр. «Тимир былыргы ньыманан уһаарабыт. Тимиртэн урут сүгэ уонна саха быһаҕын оҥороллоро», — диэн Николай Степанов кэпсиир.
Бэстибээлгэ барыта дойду үрдүнэн 200-тэн тахса уустар мустаннар кыттыннылар. Киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара гравюраҕа сэдэх ускуустубатын уонна сэрии сэбин-сэбиргэлин кытта билсистилэр, тимир уус идэтигэр уөрэннилэр.
Видео: ЗЛАТ-ТВ
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…