Саха сирин тирэх пуунун мэхээньиктэрэ 100-тэн тахса тиэхиньикэни өрөмүөннээтилэр
2024 сыл саҕаланыаҕыттан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха сирин тирэх пуунун мэхээньиктэрин анал бөлөҕүн күүстэринэн 100-тэн тахса тиэхиньикэ өрөмүөннэммит, ол иһигэр «Якт-Сокол» квадроцикллар.
Бу туһунан Ростовскай уобалас, ДНӨ уонна ЛНӨ тирэх пууннарын сүрүн координатора «Юстас» диэн позывнойдаах байыас брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
«Бу күннэргэ мэхээньиктэр суһал өрөмүөн кэнниттэн өссө түөрт «Якт- Сокол» квадроцикллары байыаннай дьайыы хонуутугар төннөрүөхтэрэ. Онуоха квадроцикллары өрөмүөннүүргэ кэмигэр саппаас чаастара тиэрдиллиннилэр«, — диэн эбэн эттэ сүрүн координатор.
«Юстас» этэринэн, Саха сирин тирэх пууннарынан бу күннэргэ гуманитарнай таһаҕаһы тиэрдиинэн Уус Алдан, Бүлүү, Дьааҥы, Эдьигээн, Томпо, Муома оройуоннарын 6 муниципалитеттарын оробуочай бөлөхтөрө дьарыктаммыттар.
«Бары дэлэгээссиэлэр туруоруллубут соруктары ситиһиилээхтик толорон, анал байыаннай дьайыы зонатыгар үлэлэрин түмүктээтилэр», — диэн Ростовскай уобалас, ДНӨ уонна ЛНӨ тирэх пууннарын сүрүн координатора «Юстас» диэн позывнойдаах байыас эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: