Саха сирин туһунан 33 тэттик киинэни устубуттар
«Дальний Восток — Земля приключений» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сириттэн 33 киинэ киирбит.
Бүгүҥҥү күҥҥэ куонкурус тэрийэр кэмитиэтигэр барыта 398 үлэ киирбит. Саамай элбэх киинэ Сахалин уобалаһыгар уонна Хабаровскай кыраайга айан туһунан эбит. Ол курдук, Сахалин туһунан 111 киинэни, Хабаровскай кыраай туһунан 57 тэттик киинэни уһулан, куонкуруска ыыппыттар.
Маны тэҥэ, Амур уобалаһыгар — 41, Приморье кыраайыгар — 36, Камчаткаҕа — 35, Саха сиригэр — 33, Еврейскэй автономнай уобаласка — 30, Бурятияҕа — 18, Забайкалье кыраайыгар — 17, Магадааҥҥа — 12, Чукоткаҕа — 8 киинэни устубуттар.
Бу куонкуруска оҕо да кыттыан сөп, сүрүнэ, улахан дьон салайан биэриэхтээхтэр. Кыайыылаах 3 мөлүйүөн солкуобайы тутуоҕа. Умсулҕаннаах айан туһунан тэттик киинэлэри ахсынньы 1 күнүгэр диэри туталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: