Салгыы
Саха сирин тустууктара Медведь турнирыттан 10 мэтээллэннилэр

Саха сирин тустууктара Медведь турнирыттан 10 мэтээллэннилэр

Ааптар:
28.11.2023, 10:43
Хаартыска: быһа эпииртэн скрин.
Бөлөххө киир:

Беларусь өрөспүүбүлүкэтин Минскэй куоратыгар 52-с төгүлүн ыытыллар үс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Александр Медведь бирииһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнир буолан ааста. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнара араас халыыптаах уон мэтээли ылары ситистилэр. Ол иһигэр Беларусь аатыттан тустар саха легионердара Ньургун Скрябин кыһыл көмүс мэтээли уонна Андрей Бекренев боруонса мэтээли ыллылар.

Эр дьоҥҥо араас ыйааһыҥҥа тоҕус мэтээли кытта, дьахталларга 72 киилэҕэ Лилиана Рожина боруонса мэтээли кэттэ.

Александр Медведь турнирын кыайыылаахтара уонна призердара:

57 киилэҕэ:  1. Димчик Батомонкуев (Белоруссия). 2. Алексей Копылов (Саха сирэ) 3. Хабиб Мехтиханов уонна Мурад Исламов (Арассыыйаттан сылдьаллар).

61 киилэҕэ: 1. Александр Авелов (Саха сирэ). 2. Магомед Себединов (Арассыыйа). 3. Артем Мандрюков уонна Андрей Бекренев (Белоруссияттан сылддьаллар).

65 кгиилэҕэ: 1. Ньургун Скрябин (Белоруссия). 2. Даниил Харчилава. 3. Арипгаджияв Абдулаев уонна Магомед Тажудинов (Арассыыйаттан сылдьаллар).

70 киилэҕэ: 1. Азнаур Таваев. 2. Олег Фомин (Саха сирэ). 3. Константин Капрынов (Саха сирэ) уонна Игорь Упхоев (Арассыыйаттан сылдьаллар).

74 киилэҕэ: 1. Магомедхабиб Кадимагомедов (Белоруссия). 2. Ильяс Бекбулатов (Узбекистан). 3. Ахмед Нурахмаев (Арассыыйа) уонна Магомедрасул Аслуев (Бахрейн).

79 киилэҕэ: 1. Хидир Сайпудинов (Бахрейн). 2. Касум Касумов (Арассыыйа). 3. Дмитрий Денисеня (Белоруссия) уонна Ахмед Манилов (Арассыыйа).

86 киилэҕэ: 1. Асламбек Гварамия (Абхазия). 2. Магомеднаби Магомедов. 3. Арсен Балаян уонна Азрет Улимбашев (Арассыыйаттан сылдьаллар).

92 киилэҕэ: 1. Ламберт Харонов. 2. Омар Зияутдинов (Арассыыйаттан сылдьаллар). 3. Ярослав Иодковскай (Белоруссия) уонна Максим Толмачев (Саха сирэ).

97 киилэҕэ: 1. Магомедгаджи Нуров (Хотугу Македония). 2. Константин Пшеничников (Арассыыйа). 3. Алексей Пархоменко уонна Владислав Козлов (Белоруссияттан сылдьаллар).

125 киилэҕэ: 1. Остап Пасенок (Арассыыйа). 2. Никита Хабаров (Саха сирэ). 3. Эдуард Максимов (Саха сирэ) уонна Денис Хроменков (Белоруссия).

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: