Салгыы
Саха сирин тыйаатырдара «Кыһыл көмүс мааска» билиниитин ыллылар

Саха сирин тыйаатырдара «Кыһыл көмүс мааска» билиниитин ыллылар

23.01.2025, 16:35
Хаартыска: Култуура министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Саха сирин үс тыйаатыра “Кыһыл көмүс мааска” бириэмийэҕэ  түһэриллибитин туһунан  эрдэ суруйбуппут.

Онтон тохсунньу 22 күнүгэр “Кыһыл көмүс мааска” бириэмийэ уонна бэстибээл вице-бэрэсидьиэнэ Кирилл Крок 2023-2024 сыллар түмүктэринэн номинаннары биллэрдэ.

Бириэмийэҕэҕ барыта Арассыыйа 86 эрэгийиэниттэн 734 испэктээк киллэриллибит.

Ол курдук, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра  тута сэттэ номинацияҕа ааттанна. “Күлүмнүүр таас” хас да сүрүн категорияҕа бэлиэтэннэ:

«Балет бастыҥ испэктээгэ»;

«Испэктээги туруорааччы бастыҥ үлэтэ” (Екатерина Тайшина);

«Балекка дьахтар бастыҥ оруола”  (Мария Кузьмина);

«Балекка эр киһи бастыҥ оруола”  (Валерий Аргунов);

«Көстүүмнэргэ худуоһунньук бастыҥ үлэтэ. Мусукаалынай тыйаатыр”  (Сардаана Федотова);

“Уокка-күөскэ худуоһунньук бастыҥ үлэтэ. Мусукаалынай тыйаатыр”  (Иван Шандровскай);

«Мусукаалынай тыйаатырга композитор бастыҥ үлэтэ. (Кирилл Герасимов);

Манна даҕатан эттэххэ, Опера уонна балет тыйаатыра 2009 сыллаахха “Кыһыл көмүс мааска” бириэмийэҕэ “Александр Македонскай. Улуу Кудаҥса” оператынан “Национальнай эпоска олоҕуран аныгы испэкээги туруоруу” диэн дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин ылбыта.

Онтон СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра “Мин баар буолуохтаах хаартыскам” испэктээгэ “Дыраама кыра көрүҥнээх бастыҥ испэктээгэ” номинацияҕа тигистэ.

СӨ Куукула тыйаатыра “Изергиль эмээхсин” туруоруутунан  дипломант буолла.

Сахабыт тыйаатырдарыгар ситиһиини баҕарабыт.

+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: