Саха сирин түмэллэрэ «Скиф эйгэтэ» быыстапканы Донецкайга уонна Луганскайга туруоруохтара
Ньурба оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр Айсен Николаевка Ксенофонт Дмитриевич Уткин аатынан Ньурбатааҕы норуоттар доҕордоһууларын түмэлин бырайыактарын кэпсээтилэр.
Түмэл Ем. Ярославскай аатынан Хоту дойду историяларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлин бу өрөспүүбүлүкэлэргэ туруорар быыстапкаларыгар кыттыахтара.
Маны сэргэ Забайкальеттен 1907 с Арассыыйа импиэрийэтин иккис Госдууматын дьокутаата, Ньурба Куочайыттан төрүттээх Дамиан Кочнев фундаментальнай үлэтин хаттаан таһаарар былааннаахтар.
Дириэктэр Анна Туманова этэринэн, Кочнев нэһилиэстибэтин көрдөөһүҥҥэ Саха сирин Национальнай архыыбын кылаабынай археограба Александр Калашников улахан үлэни ыыппыт.
«Бүгүн Ньурба историятын көрдөрөр бэртээхэй мусуойга сырыттым. Аныгы стандартарга эппиэттиир, олус интэриэһинэй. Ньурба түмэлигэр элбэх киһи сылдьыа диэн эрэнэбин»,— диэтэ Айсен Николаев.
Хаартыска: Андрей Сорокин
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: