Саха сирин учуутала Бүтүн Арассыыйатааҕы математика учууталларын куонкуруһугар бастаата (ВИДЕО)
РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин академията математика учууталларын, преподавателлэрин ортолоругар ыыппыт Бүтүн Арассыыйатааҕы маастар-кылааска куонкуруһун түмүгэ билиннэ. 350-ча педагог кыттыбытыттан Үөһээ Бүлүү Д.С.Спиридонов аатынан 4-с, И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолалар алгебраҕа, геометрияҕа учууталлара кыайыылааҕынан таҕыста.
Тустаах куонкуруска дойду 59 эрэгийиэниттэн 350-ча педагог кыттыбыт. Куонкурус математика учууталларын ортолоругар түөрт хайысханан барбыт: алын, сүрүн, орто оскуолалар учууталлара итиэннэ орто анал үөрэх преподавателлэрэ. Александр Дмитриев орто оскуолалар хайысхаҕа бастаата. Саха сирэ.ру сайт суруналыыстара кыайыылааҕы кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттыбыт.
— Эһиил математика учууталларын норуоттар икки ардыларынааҕы сийиэһэ буолаары турар. Онно кыттарга Арассыыйаттан бэрэстэбиитэллэри көрдүүллэр. Дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ кэтэхтэн куонкуруһу тэрийбитэ. Тэрээһин ирдэбилинэн, 15 мүн. иһигэр маастар-кылаас көрдөрүөхтээхпит, миэнэ фигуралар объемнарыгар аналлаах. Бу уруок, лиэксийэ эҥин буолбатах, онон арыый ураты соҕус форматтаах барар. Маастар-кылааспар гуманитарнай биридимиэт учууталлара кыттыбыттара, 15 мүн. иһигэр объем формулаларын бэйэлэрэ булан таһаарыахтаахтар.
Хас хайысха ахсын биирдии кыайыылааҕы уонна биэстии призеру талаллар. Мин орто оскуола учууталлара категорияҕа бастаатым, — диэн кылгастык санаатын үллэстэр.
Александр Саввич идэтинэн математика учуутала, Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбит. Учууталлаабыта 21 сыл буолбут. Күн бүгүн Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү улууһун 4-с нүөмэрдээх, И.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолаларга алгебра, геометрия уруоктарын үөрэтэр. “Сыл учуутала-2022” куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин призера.
Видеоны манна көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: