Саха сирин учууталларыгар үрдүк наҕараадалары туттардылар

Share

Саха сирин үөрэҕириитигэр уонна үүнэр көлүөнэни иитиигэ уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин Саха сирин учууталларын үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаларынан бэлиэтээтилэр.

Наҕараадалары Ил Дархан Айсен Николаев  Атырдьах ыйынааҕы  пленарнай мунньахха туттарда. «Чуолаан үөрэх тиһигэ киһи оҕо эрдэҕиттэн өйүн-санаатын, үрдүк култууратын, билиини иҥэринэр, дьиҥнээх гражданин, профессионал уонна күүстээх лиичинэс буоларыгар кыаҕы биэрэр бигэ тирэх буолар. Саха сирин бары учууталларыгар кэлэр көлүөнэни иитиигэ үлэлэрин иһин махтанабын уонна Билии күнүнэн эҕэрдэлиибин», — диэтэ Айсен Николаев. Үгэс буолбут сүбэ мунньахха Саха сирин араас муннуктарыттан учууталлар муһуннулар. Өрөспүүбүлүкэ сэттэ чулуу учууталлара «Саха сирин үтүөлээх учуутала», «Гражданскай килбиэн» туйгун бэлиэлэринэн уонна «СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аатынан бэлиэтэннилэр. 

Хаартыска: СИА

Ол курдук, ««СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аат Дьокуускай 4 №-дээх анал коррекционнай оскуола дириэктэрэ Лена Ноговицынаҕа иҥэрилиннэ. Кини үөрэх эйгэтигэр 36 сыл үлэлээбит. «Бүгүн миэхэ олус долгутуулаах күн үүннэИл Дархан илиититтэн наҕарааданы  тутар олус үчүгэй. Үөрэх эйгэтигэр 36 сыл үлэлээтим, олортон оскуола дириэктэринэн  — 20 сыл. Үлэбин коррекционнай оскуолаҕа учуутал-дефектолог идэтигэр саҕалаабытым. Биһиги оскуолабытыгар үлэбит ураты — хас биирдии кырачаан үөрэнээччилэрбит ситиһиилэрэ биһигини олус үөрдэр. Коррекционнай оскуолаҕа боростуой дьон буолбакка, дьиҥнээх учууталлар үлэлииллэр», — диэн Дьокуускайдааҕы 4 №- дээх анал коррекционнай оскуола дириэктэрэ Лена Ноговицына кэпсээтэ.

Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньах чэрчитинэн төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, стратегическай сиэссийэлэр, үөрэх интенсивтара, мастарыскыайдар, панельнай дьүүллэһиилэр ыытыллаллар. Учууталлар бу пуорум профессиональнай дьоҕурдарын сайыннарыыга улахан суолталааҕын бэлиэтииллэр. Саха сирин араас оройуоннарыттан учууталлар уопут атастаһаллар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago