«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр 200-тэн тахса уһуйаан тутулунна.
Онон оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин хаачыстыбалаах өҥөтүнэн үгүс ыал туһанар буолла. Ол курдук, 2022 сыллаахха Нам улууһун Кириэс-Кытыл нэһилиэгэр 240 миэстэлээх уһуйаан олоххо киирбитэ. Оҕо саадыгар 12 группаҕа кырачааннар саастарынан арахсан сылдьар кыахтаммыттара. Онон «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут эбийиэк уһуйаан уочаратын суох оҥорбута. «Тускул» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Аида Местникова Ил Дархан Айсен Николаевка махтанан туран, тыа сиригэр маннык баараҕай тутуулары олоххо киллэрии үүнэр көлүөнэни иитиигэ олус улахан өйөбүллээҕин бэлиэтээтэ. Үс мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ муусука уонна спорт саалалара, көмпүүтэр кылааһа, логопед уонна психолог кэбиниэттэрэ уо.д.а. бааллар. Уһуйаан видеонан кэтээн көрүүнэн, харабыл уонна баһаарынай сигнализациятынан толору хааччыллыылаах.
Быйыл от ыйын саҥатыгар Амурскай уобаласка «Уһук Илин уонна Арктика демографическай сайдыыта» диэн VIII Бүтүн сойуустааҕы кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Онно судаарыстыба өйөбүлүн, эрэгийиэннэргэ оҕо төрөөһүнэ, ыал буолуу усулуобуйатын тэрийиигэ эбии миэрэлэр тустарынан кэпсэтиигэ Саха сирин дэлэгээссийэтэ эмиэ кыттыаҕа. Ким бу тэрээһиҥҥэ кыттыан баҕалаах сайаапкаҕытын бу саайтка https://prodfo2023.ru/ ыытыаххытын сөп.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…