Саха сирин уһуйааннарын иитээччилэрэ Санкт-Петербурдааҕы постдипломнай педагогическай үөрэх академиятыгар уонна куорат үөрэҕин тэрилтэлэригэр идэ таһымын үрдэтэр куурустарга сылдьаллар, быраактыкалары ааһаллар.
Куурустары Санкт-Петербург үөрэҕин тэрилтэлэрин инновационнай уопутун, эрдэтээҥҥи көмөнү тэрийии быраактыкатын, оҕолор интеллектуальнай кыахтарын уонна талааннарын сайыннарар соруктаах үлэни кытта билиһиннэрээри Оҕо саас лабаратыарыйата тэрийэр. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин саайтыгар суруллар.
Бырагыраамаҕа «Цифровые ресурсы образовательного учреждения как одно из условий реализации современных образовательных программ» тиэмэлээх үөрэх сэминээрэ, лиэксиэйэлэр уонна уһуйааннарга үөрэх саҥа федеральнай бырагырааматын усулуобуйатыгар үөрэх иһитиннэрэр эйгэтинэн дьарыктар, муусука-тыйаатыр үлэтин тэрийии, маастар-кылаастар киирэллэр. Ону тэҥэ, иитээччилэр аныгы уһуйааҥҥа сыыппара технологиятын, экология-экэниэмикэ үөрэхтэрин киллэрии уопутун үллэстэллэр.
Бырагыраама салайааччыта Юрий Семенов институт ректора Андрей Богданцевы кытта көрүстэ. Аспирантура, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин уонна коррекционнай педагогика хайысхаларынан бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэстилэр.
Ону тэҥэ, үлэ сырыытынан үс бастыҥ көрдөрүүлээх уһуйааҥҥа, Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ сылдьыахтара, мэтэдиичэскэй сэминээр иитинэн Саха сирин педагогтара Санкт-Петербург иитээччилэригэр маастар-кылаас көрдөрүөхтэрэ.
“Маннык стажировкаларга быраактыка кэмигэр биир идэлээхтэрбит үлэлэрин кытта билсэр, ыйытыы биэрэр, оҕо хайдах ылынарын илэ көрөр, мэтэдиичэскэй матырыйааллары уонна үөрэх эйгэтин кытта билсэр, тэйиччиттэн эбэтэр теоретическай куурустардааҕар быдан көдьүүстээх уонна түмүктээх буолар”, — диэн Бүлүү куорат “Туллукчаан” уһуйааныттан Надежда Софронеева санаатын үллэстэр.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…