Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ Саха сириттэн ыҥырыллыбыт байыаннайдарга болҕомтотун уурар
Быстах хомуур саҕаланыаҕыттан, Ил Дархан сорудаҕынан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ өрөспүүбүлүкэттэн ыҥырыллыбыт дьону испииһэгинэн көрөр, болҕомтотун уурар.
«Ону тэҥэ, байыаннай чаас хамандыырдарын кытта мантан тиийбиттэр олорор усулуобуйаларын эмиэ көрөр-истэр. Бу үлэ Приморьеҕа уонна Хабаровскай кыраайга, Илиҥҥи байыаннай уокурук бары чаастарыгар ыытыллар”, — диир Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валерий Протопопов.
Байыаннай чаастарга Саха сириттэн баһыылкалары бэлэмнээн ыытыы салҕанар. Бу күннэргэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ Саха сириттэн Уссурийскайга уонна Хабаровскайга сылдьар байыаннайдарга уочараттаах таһаҕаһы тиэртэ. Баһыылкалары Саха сирин уопсастыбаннай палаатата уонна «Якутия с тобой!» диэн мобилизацияламмыттарга көмө ыстааба хомуйбуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: