Салгыы
Саха сирин уйулҕа үлэһиттэрин биригээдэтэ Хабаровскай уонна Владивосток байыаннай сулууспалаахтарыгар көмөлөһүөҕэ

Саха сирин уйулҕа үлэһиттэрин биригээдэтэ Хабаровскай уонна Владивосток байыаннай сулууспалаахтарыгар көмөлөһүөҕэ

01.02.2023, 13:08
Бөлөххө киир:

Ил Дархан сорудаҕынан хомуурга ыҥырыллыы иитинэн барбыт байыаннай сулууспалаахтарга, ону тэҥэ, Уһук Илин госпиталларыгар эмтэнэр байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар бары өттүнэн көмөлөһүү салҕанар. Бу туһунан олунньу 1 күнүгэр брифинг кэмигэр Уһук Илин уокурукка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Ким Борисов иһитиннэрдэ.  

“Саха сиринээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта олунньу 3 күнүттэн уйулҕа үлэһиттэрэ Хабаровскай уонна Владивосток госпиталларыгар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөн саҕалыахтара диэн быһаарыы ылыныллыбыта. Биригээдэҕэ Саха сирин үрдүк таһымнаах уйулҕа үлэһиттэрэ киириэхтэрэ. Биһиги, исписэлиистэр бу барыыларын байыаннай сулууспалаахтар бэйэлэрин баҕаларынан, чопчу биһиги өрөспүүбүлүкэбит исписэлиистэрин сүбэтин ылыахтарын баҕаралларын иһин тэрийдибит. Күн бүгүн исписэлиистэр тиийэн түһэр услуобуйалара барыта тэрилиннэ, госпиталлар салайааччыларын кытта бииргэ үлэлэһии ситимэ олохтонно”, — диэн Ким Борисов эттэ.

Бастайааннай боломуочуйалаах бүгүҥҥүттэн саҕаламмыт “Аҕа дойдуну көмүскээччигэ сурук” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар.

“Биһиги билигин байыаннай сулууспалаахтарбытын, Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбитин өйүүрбүтүн биллэрэрбит суолталаах.  Саха сирин олохтоохторуттан тиэрдэр суруктарбытын, баһыылкаларбытын байыаннай сулууспалаахтар ураты истиҥник ылыналлар. Ис дууһаттан оҥоһуллубут өйөбүл буоларын билэллэр, өйдүүллэр”, — диэн этэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: