Салгыы
Саха сирин уйулҕаһыттара байыаннай дьайыы байыастарыттан, кинилэр чугас дьонноруттан киирбит 14 тыһыынча ыйытыгынан үлэлээтилэр

Саха сирин уйулҕаһыттара байыаннай дьайыы байыастарыттан, кинилэр чугас дьонноруттан киирбит 14 тыһыынча ыйытыгынан үлэлээтилэр

20.09.2024, 14:12
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Быйыл бары хайысханан быһа холуйан 14 тыһыынча саҥа уонна хаттаан киирбит ыйытыы көрүлүннэ, 17 тыһыынчаттан тахса биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн уйулҕа үлэлэрэ ыытылыннылар. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Кини Уйулҕа киинигэр киирэр этиилэр, ыйытыылар киһи аата суох киирэллэрин, туох да докумуон ирдэммэтин, психиатрическай учуокка туруорбаттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

“Байыаннай дьайыы кэмигэр идэтийбит уйулҕа өйөбүлэ уонна психосоциальнай көмө толору кээмэйинэн оҥоһулла турар. Үлэ дьон уйулҕатын бөҕөргөтүүгэ, чөл турукка түһэриигэ, харыстааһыҥҥа анаан ыытыллар. Манна байыаннай дьайыыттан кэлбиттэргэ тута оҥоһуллар идэтийбит көмө, стресс эрдэтээҥи көрүҥнэриниин үлэ, киһини хайдаҕыттан көрөн уйулҕатын арыаллаан көрө сылдьыы барыта киирэр.  Байыас чугас дьоннорун кытта эмиэ үлэлиибит – уһун кэмнээх эрэйдэнииттэн, туох буолара биллибэтиттэн ыктарбыт, чугас киһитин сүтэрбит, стресстэн кыайан тахсыбат буолбут дьоннуун үлэ барар”, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Скрябин.

Көмөнү, өйөбүлү үлэ чааһын кэмигэр 31-91-09 нүөмэргэ суруйтаран ылыахха сөп. Эмиэ бу нүөмэринэн улуустарга баар уйулҕа киинин филиалларын хантаактарын билэҕин. Төгүрүк суукканы быһа эрэл төлөпүөнэ үлэлиир: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: