Бүгүн Кириэмил улахан дыбарыаһыгар Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирэр сирэ-туома буолла.
СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, АГИКИ бастакы проректора Станислав Иванов санаатын үллэһиннэ.
«Бу ааспыт уон сылга Уһук Илин ФУо эрэгийиэннэрэ туох да харгыһа суох өйөбүлү ыллылар. Уһук Илиннээҕи ипотека, Уһук Илиҥҥи гектар, урутаан сайдар территориялар уонна маастар-былааннары оҥоруу, бу барыта биһиги национальнай лиидэрбит, дойду Илиҥҥи өттүгэр олох хаачыстыбатын үрдэтэр соруктаах үлэтэ буолар», — диэн этэр кини.
Уопсастыбаннай балаата бэрэссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэҕэ бу бэлиитикэ суолталааҕын, көстөрүн, биллэрин бэлиэтиир. «Тэҥнээн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа орто көрдөрүүлэрин ситтэ уонна өссө сороөун ааһа барда. Манна бырамыысыланнас, демография өрө тахсыыта, уо.д.а. киирэллэр». Кини быйылгы сылга дьиэ кэргэн олоҕун хаачыстыбатын үрдэтэргэ сорук туруоруллуутун туһунан этиитин кэмигэр хатылаата диэн бэлиэтээтэ.
«Саха сирэ дойдуну бүттүүнүн кытта бииргэ, салгыы иннин диэки хардыылыыр, саҥа үрдүк ситиһиилэргэ дьулуһар. Бары бииргэ, түмсүүлээх буоллахпытына, туруоруллубут соругу ситиһиэхпит диэн эрэнэбин», — диир Станислав Иванов.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…