Салгыы
Саха сирин ураты айылҕатын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Дальний восток – Земля приключений” күрэскэ көрдөрүҥ!

Саха сирин ураты айылҕатын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Дальний восток – Земля приключений” күрэскэ көрдөрүҥ!

29.05.2024, 12:30
Хаартыска: Мария Васильева, CИА
Бөлөххө киир:

“Дальний восток – Земля приключений” күрэскэ кыттыы – бэйэни билиһиннэрэр уонна өрөспүүбүлүкэбит кэрэтин көрдөрөр чаҕылхай түгэн. Күрэс Уһук Илин федеральнай уокурукка Арассыыйа бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллар. Күрэс Арассыыйа олохтоохторугар Уһук Илиҥҥэ, кини айылҕатыгар, устуоруйатыгар сэҥээрини үөскэтэр уонна айаҥҥа ыҥырар соруктаах.

Саха сирин устун айаны көрдөрөр бэйэ киинэтинэн күрэскэ кыттарга сайаапканы 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри путешественникдв.рф саайтка ыытыахха сөп.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт. Сүрүн бириис – 3 мөл. солк.!

Күрэс номинациялара:

  • Сатыы айан (сатыы бохуот, айылҕаҕа бэлэсэпиэтинэн маршрут);
  • Уунан айан (өрүһүнэн, муоранан, уу аннынан, серфинг);
  • Кыһыҥҥы айан (хайыһарынан, ытынан, кыһын бэлэсипиэтинэн, сноубординг).

Саха сирэ ураты көстүүлээх сирэ элбэх. Олортон биир саамай кэрэлэринэн “Өлүөнэ остуолбата” национальнай паарка буолар. Бу ЮНЕСКО айылҕа ураты харыстанар сирдэрин испииһэгэр киирбит өрөспүүбүлүкэ киэҥник биллэр кэрэхсэбиллээх миэстэтэ.

Паарка сиригэр-уотугар “Өлүөнэ остуолбата” суон сураҕырбыт очуос баар. Очуос  уһуна 40 км. тэҥнэһэр, оттон үрдүгэ сорох сиринэн 220 миэтэрэҕэ тиийэр.

Мантан ырааҕа суох “Уус Буотама” бизоннар питомниктарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы Кыһыл Кинигэҕэ киирбит былыргы кыыллар 40-тан тахса харамайдара үөскүүр.

Питомникка кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы экскурсиялары тэрийэллэр. Кыыллар хааччахха сылдьар курдук санамматтарын туһугар “Уус Буотама” 100 гектар кэриҥэ иэҥҥэ тайаан сытар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: