Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин урбаанньыттарын кытары көрсүһүүтүгэр Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ Анна Постникова уонна Флида Габбасова кытыннылар. Кэпсэтии судаарыстыба баһылыга Хабаровскайга оробуочай сырыытын чэрчитинэн ыытылынна.
Тихоокеанскай судаарыстыбаннай университекка буолбут көрсүһүү иннинэ бэрэсидьиэн Уһук Илин куораттарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын уһун кэмнээх былааннарын олоххо киллэриини билистэ. Санатан эттэххэ, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар Уһук Илин куораттарын биир кэлим сайыннарыы уһун кэмнээх былааныгар киирбиттэрэ.
“Мин Саха сирин урбаанньыттарын аатыттан бэрэсидьиэҥҥэ биһиэхэ муоста тутуллар буолбутугар махтанным уонна үлэ хаамыыта барыта саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хонтуруолланарыгар көрдөстүм”, — диэн “Дьыалабыай Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ генеральнай сэбиэтин чилиэнэ, “Айгуль” ХЭО генеральнай дириэктэрэ Флида Габбасова кэпсээтэ.
Владимир Путин: “Дьокуускайга бу улахан кыһалҕа 10-15 сылы быһа дьүүллэһилиннэ”, — диэн Саха сиригэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу суолталааҕын өйдүүрүн туһунан бэлиэтээн эттэ. Муостаны тутууга 5-8 сыл ирдэнэрин туһунан этилиннэ.
Ону таһынан көрсүһүү кэмигэр чэпчэтиилээх ипэтиэкэни биэрии боппуруоһа таарылынна. “Узнавайка” оҕо чааһынай уһуйаанын ситимин салайааччы Анна Постникова федеральнай бырагыраамаҕа эбиилэри киллэрэргэ этии киллэрдэ.
“Чааһынай уһуйааннар үлэһиттэрэ Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипэтиэкэнэн туһанар кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, бырагыраама быһыытынан, итинник кыах судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэр учуутал уонна миэдик идэлээх үлэһиттэригэр эрэ бэриллэр. Владимир Владимирович бу боппуруоһу үөрэтэргэ дойду бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрдэ”, — диэтэ Анна Постникова.
Ону сэргэ көрсүһүүгэ балыктааһын, тутуу, ТОР дьайыытын уһатыы боппуруостара таарылыннылар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэриллибит ыйытыыларга барытыгар хоруйдаата.
(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…