Салгыы
«Москвич-Полярник» массыынанан — Магадааҥҥа

«Москвич-Полярник» массыынанан — Магадааҥҥа

Ааптар:
03.07.2024, 09:00
Хаартыска: ВКонтакте «Палатка | Журнал Путешественника» бөлөхтөн
Бөлөххө киир:

Биллиилээх айанньыт-блогердар Алексей Жирухин уонна Александр Еликов 70 тыһыынча солкуобайга атыылаһыллыбыт сэбиэскэй 1981 сыллааҕы  «Москвич- 412» массыынанан алмаастаах Мииринэйтэн «Халыма» федеральнай айан суолунан Магадааҥҥа тиийэрдии туруннулар.

Бу туһунан үөрүүлээх сонун социальнай ситимнэринэн тилийэ тарҕанна. «Биһиги айан суолбутугар үктэннибит! Москва куораттан дойду саамай уһук илин өттүгэр Сэбиэскэй кэминээҕи  1981 сыллаахха оҥоһуллан тахсыбыт «Москвич- 412»  масыынанан айанныыбыт. Бу кыһын  Саха сирин уонна Уһук Илиҥҥи уокурук саамай уһук хоту сытар  Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр айаннатан тиийбиппит, ол кэннэ алмаастаах Мииринэй куоракка айан сырыыбытын түмүктээбиппит. Бу куоракка аны сайыҥҥы диэри массыынабытын хааларан баран, дьэ, билигин анаан-минээн ыһыахтаарыбыт Мииринэй куоракка кэллибит. Мантан салгыы Мииринэй куораттан  Саха сирин киин куоратыгар — Дьокуускайга диэри айанныыбыт. Ол кэннэ дойду үрдүнэн норуокка саамай уустук уонна куттааллах суоллааҕынан аатырар «Халыма» трассатынан  Магадааҥҥа диэри айаннаан тиийэргэ былаанныыбыт.

Сүрүн сорукпут  — бэйэбит илэ харахпытынан көрөн, Саха сирин сайыҥҥы кэмин көрдөрүөхтээхпит. Ол курдук, айан сырыы кыһыҥҥы кэминээҕи уратытынан, сайыҥҥылыы куйаас кэминээҕи араас түгэннэрбитин кэпсиэхпит. Бүгүн салгын температурата +30°С кыраадыһы куоһарда! Сүүһүнэн биэрэстэ усталаах кыһыҥҥы суоллар остуол ньуурун курдук көнө эбит буоллаөына, бу сайын атын хартыына. Кыһынын икки-үс төгүл түргэнник тэҥнии айаннатыахпытын, билигин улахан дьаамалар, быыл, үөн-көйүүр кытары мэһэйдиир, онон тохтобулларбыт элбээтилэр. Оннооҕор суолга утары тахсыбыт массыынаны кытта харсыһа сыстыбыт. Ол эрэн сырыыбытын тохтоппоппут», — диэн айанньыт-блогердар биллэрдилэр.

Санаттахха, «Москвич-412» массыынанан Арассыыйаны биир гына кэрийбит хамаанда, ол иһигэр  Александр Еликов, Алексей Жирухин, Дмитрий Гостинщиков уонна Наталья Шиповская  бу кыһын биир бэрт уустук суолларын түмүктээбиттэрэ. Мииринэй куораттан Удачнайга диэри 9 чаас иһигэр тиийэн айанньыттар биир кыра рекорд олохтообуттара. Бэйэлэрэ кэпсээбиттэринэн, айан уустуга суох ааспыт, суол устата кэрэ көстүүлэри астына, былыта суох ыраас халлааны кэрэхсии испиттэр. От күөҕэ өҥнөөх «Москвич-Полярник» диэн ааттаабыт массыыналара тымныыны этэҥҥэ тулуйбута.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: